МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Ɵбүгэлэрбит суолларын сэгэтэн

Олунньу 2 күнүгэр Никииппэр Сэмиэнэп аатынан Норуот айымньытын киинигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин биир саамай сүдү суолталаах Сталинград кыргыһыытын Кыайыыта 80 сылыгар тэрээһиннэр ыытылыннылар.
“Ɵбүгэлэрбит суолларын сэгэтэн” диэн кинигэтин Чаппандаттан төрүттээх Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо, ытык-мааны ыал ийэтэ, эбээтэ, үлэ бэтэрээнэ Тартакынова Марфа Петровна аҕатын уонна абаҕаларын туһунан хомуйан таһааттарбытын билиһиннэрдэ. Аҕата Тартакынов П.Ф. 62-с армияҕа Сталинград куорат Мамаев Кургааныгар төгүрүктээһиҥҥэ ый курдук уоттаах сэриигэ түбэһэн, илиитигэр бааһыран төрөөбүт дойдутугар тыыннаах эргиллибит, “Албан аат” 3 степенээх уордьанынан наҕараадаламмыт. Биир абаҕата Николаеав Г.И. 1942 сылга ынырыллан Сталинградка 8 с ротаҕа срелогунан сылдьыбыт. Икки рота кыргыһыыга киирбититтэн 4 эрэ буолан ордубуттар. “Хорсунун иһин” уордьанынан наҕараадаламмыт. Улаханнык бааһыран дойдутугар тыыннаах эргиллэн кэлбит. Кэлин сэрии инбэлиитэ буолан Бүлүүгэ олорон өлбүт. Иккис абаҕата Бүргэсов М.Д. Ленинград көмүскэлигэр сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүт. 2013 сыллаахха кырамтата көстөн, Санкт-Петербурга чиэстэнэн көмүллүбүт.


“Сталинград көмүскэлигэр” диэн ааттаан хамаанданнан Ɵркөн-өй күрэҕэ ыытылынна. Кыттааччылар экраҥҥа тахсыбыт ыйытыылары хамаанданнан толкуйдаан үс эппиэт баарыттан сөптөөх эппиэтин талан кердерен истилэр. Бука бары олус көхтөөхтүк кытыннылар, билиилэрин хаҥаттыннылар. Бу күрэххэ үс көлүөнэ дьон – барыта 12 киһи кыттан, түмүккэ 1 миэстэни аҕа саастаах көлүөнэ дьоно ыллылар (Афанасьева Н.М., Тартакынова М.П., Макарова В.А., Духова Л.П.), иккис миэстэни очколара тэҥнэһэн, орто көлүенэ (Степанов А.А., Семенов В.Н., Иванова С.А., Семенова С.В.) уонна эдэр көлүөнэ дьоно (Васильева Нь.С., Афанасьев В.В., Филиппова Т.М., Канаева И.А.)үллэһиннилэр уоннай бука бары сэмэй бирииһинэн наҕараадаланнылар.

Елена Иванова.