Сэтинньи ый 3 күнүгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах Мэҥэдьэк уонна Октябрскай нэһилиэк бибилэтиэкэрдэрин бырайыагынан «Дьиэ кэргэн биир сомоҕо» диэн Ньурба оройуонугар аан бастакытын ыыттыллар дьиэ кэргэн үс көлүөнэ дьонун күрэҕэ Үөдэй нэһилиэгэр буолан ааста. Уопсайа 4 дьиэ кэргэн кытынна: 1. Лиза, Саргылаана Григорьевалар эбэлэрэ Анна Николаевна; 2. Виталий, Татьяна Корниловтар эбэлэрэ Марина Семеновна; 3. Алик, Мария Ивановтар эбэлэрэ Светлана Борисовна; 4. Валерия, Анастасия Нестеровичтар эһэлэрэ Андрей Сергеевич. Күрэхпит 4 түһүмэхтээх, быыһыгар сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлээн ырыа-тойук ылланан дьиэрэйдэ, үҥкүү- битии ньиргийдэ. Дьиэ кэргэттэрбит бары ыйытыктарга биир сомоҕо курдук түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн Алик, Мария, Светлана Ивановтар кыайыылаах таҕыстылар. Күрэхпит спонсордара олохтоох дьаһалта, В. А. Петрова аатынан оскуола-уһуйаан, «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтэ уонна Мария Николаева буоллулар.
Кэлэн кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр кыттыыгыт иһин барҕа махтал буолуохтун!
Крылова Н.