МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Үчүгэй даҕаны үрдүккэ талаһар

Мин таптыыр, мин дойдум, мин Ньурбам —
Лоҥкунуур хоһоонум тойуга.
К.Уткин.


Биир дойдулаахпыт, саха биллиилээх учуонайа, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, философскай наука доктора, профессор, поэт Ксенофонт Дмитриевич Уткин — Нүһүлгэн Сахабыт сирэ уһун кыһынтан уһуктар уратылаах күнүгэр кулун тутар 1 күнүгэр 1935 с. Ньурба оройуонун Таркаайы нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Биһиги ньурбалар эрэ буолбакка, саха омук киэн туттар киһитэ Ксенофонт Дмитриевич олоҕун устата төрүт култуура араас айылгытынан өйгө — сүрэххэ иҥэр элбэх научнай үлэлэри, кинигэлэри ол иһигэр 16 кинигэлээх талыллыбыт айымньылар монографияларын суруйан хаалларбыта. Кини олоҕо — дьиҥ култуураҕа анаммыт олох. Улуу бөлүһүөк бэйэтэ эппитинии «сылаас куппунан дьоммор, норуоппар сымнаҕастык уунабын эрэ. Наука да быһыытынан, айар да үлэ кэриҥинэн» — диэбит кинигэлэрэ саха омук историятын, духовнай уонна материальнай баайын, төрүт культуратын киэҥник арыйан көрдөрөллөр.


Ксенофонт Дмитриевич олоҕун устатыгар илдьэ кэлбит баҕа санаата үйэлээх үгэспитин — төрүт култуурабытын тилиннэрии, норуот былыргыттан утумнаах философията, итэҕэлэ баар буолуохтааҕын туруулаһыы.
Саха төрүт олоҕо үс кэрэ киэргэллээҕинэн киэн туттарын К. Д. Уткин маннык муударайдык уонна ис киирбэхтик этэн турардаах: «Биһиги сахалар киһи аймахха утары уунарбыт үс өрүт баар-олоҥхо, ыһыах уонна уус үөрэҕэ» — диэн. Сахаларга тимир култуурата баарын туһунан суруйбут «Черная металлургия якутов второй половины 19-начала 20вв» кинигэтэ 1992 с. тахсан, салгыы бу тематынан Ксенофонт Уткин 1994 с. кандидатскайын көмүскээбитэ.
1998с. тахсыбыт «Культура народа саха» диэн этнофилософскай хайысхалаах улахан үлэтэ, атын да саха үгэстэригэр аска, таҥаска, сиэр — туом көстүүлэригэр суруйталаабыт элбэх научнай хабааннаах улэлэрин эдэр да, саастаах да ааҕааччы элбэхтик туһанар кинигэлэрэ. Олоҕун устата элбэҕи аахпыт билбит киһи буолан Ксенофонт Дмитрьевич суруйар темата олус киэҥ эйгэлээх этэ.
Биллиилээх меценаттар Михаил Ильич уонна Мария Гаврильевна Егоровтар тустарынан суруйбут «Алгыс баһа сыалаах», «Бэйэ холобурунан» кинигэлэрэ Саха сиригэр меценатство курдук үтүө дьыала салҕыы сайдарыгар төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Өссө онтун кэскилин санаан үлэлии сылдьыбыт Дьокускайдаа5ы Тыа Хаьаайыстыбатын Академиятыгар меценатство музейын 2000 сыллаахха үөрэнээччитинээн Күннэй Гагариналыын тэрийбитэ.
Ксенофонт Дмитриевич биир ахтыытыгар: «Сирбин, дьоммун тала сылдьан таптаабаппын, барылара күндүлэр миэхэ» — диэн суруйбуттааҕа. Ону чиҥэтэрдии саха норуотун киэн туттар дьонноро: улуу тойуксут олоҥхоһут Сергей Зверев — Кыыл Уола, дэгиттэр талааннаах мындыр уус — Борис Неустроев — Мандар Уус, саха алааһын иэйиэхситинэн ааттаммыт ырыаһыт, СР норуодунай артистката Анастасия Варламова, норуот киэн туттар кэрэ символын — хомуһу пропагандалааһыҥҥа үйэтитэргэ олоҕун анаабыт чулуу хомусчут Иван Алексеев тустарынан киэҥник сырдаппыт дьонтон биирдэстэрэ. Өссө силигин ситэрэн Дьокуускай куоракка Иван Алексеевтыын “Хомус” диэн аан дойдутааҕы музейы төрүттээбиттэрэ. Төрөөбүт Ньурбатыгар тэрийбит, билигин кини аатын сүгэр “Норуоттар доҕордоһуулара” музей таас дьиэҕэ көһөн, оройуон биир аныгылыы көстүүлээх, цифровой технологиялаах дьон- сэргэ тоҕуоруһар, ыччат дьон үөрүүннэн көрө кэлэр миэстэтинэн буолла.


Уткин хоһоонньут быһыытынан нүһэр тыллаах Нүһүлгэн поэт буолан саха ааҕааччытыгар «Кулуһун сөрүө», «Дьылҕам кытыла», «Уйан кутум», «Сулумах сулустар» кинигэлэрэ тахсаннар, тута ааҕааччыга сөбүлэтэн сэҥэриини ылбыттара. Сылаас сүрэхтэн, сайаҕас дууһаттан тахсыбыт онуоха уран тыл умсулҕана эбиллэн, кини хоһоонноро саха киһитин сүрэҕин ортотунан киирэллэр.
Элбэхтэн а5ыйах холобуру аҕаллахха НүҺүлгэн суруйбут «Кэскил ырыатыгар» баар:
Үчүгэй да5аны,
Үрдүккэ тардыһар,
Үөрүүгэ кыттыһар
диэн тыллардаах ырыаны норуот таптыыр ырыаһыта Эдьиий Марыына ыллаан бардаҕына киһи тэҥҥэ үөрсүөх, санаа да түспүт кэмигэр сүргэни көтөҕөр буолара, сахатын дьонугар оннук да сырдык өйдөбүл олорон хааллаҕа.
Эбэтэр норуот тыллара дии санаабыт «Оккоолойдоон Оккоолой» ырыа нарынтан нарын иэйиилэрэ, сүрэҕи — быары долгутар күүстээх дьайыыта ырыаһыта да суох киһини санаатын эймээбэккэ буолбаттар, ылланан бардаҕына хайа эбээ эһээ үөрбэт дьолломмот буолуоҕай?!
Олоҕун бүтэһик сылларыгар «Бичик» кинигэ кыһатыгар японскай хокку ньыматынан суруйбут 90-ча хоһооно миниатюрнай кинигэ буолан, саха ааҕааччытыгар бэлэх буолан тахсыбыта.
Күн бүгүн Ксенофонт Дмитрьевич Уткин — Нүһүлгэн баай духовнай нэһилиэстибэтэ, айымньылара биһиги бүгүҥҥү түбүктээх, уратылаах олохпутугар, киһи киһи буоларыгар, үрдүккэ талаһарыгар, үтүө санаа, таптал өрөгөйдүүрүгэр күүс көмө буола сылдьаллар.


Мария Николаева, бибилэтиэкэр, Хаҥалас
.