«Үчүгэйиэн бу сиргэ…» Варвара Потаповаҕа аналлаах поэзия умсулҕаннаах түгэнэ ахсынньы 16 күнүгэр театрбыт саҥа дьиэтин фойетыгар буолан ааста. Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир «Ньурба уоттара» ааҕааччыны кытта үлэлиир салаалыын тэрээһини ыыттылар.
Саха омук сулус туттар Варвара Потаповабыт көҥүл сырдык санаатын ис дьиҥин иккис тыыннаан, чөллөйдөөн биһиэхэ бэлэхтиир Зоя Петровна Багынановаҕа эрдэттэн анабыл хоһоон суруйан биэрбиттэрин бибилэтиэкэ методиһа Ирина Павлова, электроннай отдел библиотекара Саманта Филиппова дьоҕус кинигэ гынан бэлэмнээтилэр.
Бу санааны «Ньурба уоттарын» артыыскаҕа анабыл хоһооннорун ааптардар бэйэлэрин ааҕыыларыгар ситэрэн, байытан, тупсаран биэрдэ.
Ол кэнниттэн Саха театрын уонна Ньурба театрын артыыстарын толоруутугар Варвара Потаповабыт сахалыы уонна нууччалыы тылларынан дуорайда, мустубут дьону дьикти кэрэ умсулҕаннаах түгэҥҥэ тириэртэ.
Чахчыта да, биир дойдулаахпыт Варвара Потапова айымньылара идэтийбит артыыстар толорууларыгар дьикти дьүрүлгэн буолан кутуллар, чахчы да биһиги, сахалар, үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспыт, кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһиибит Варвара Потапова буоларын долгуйа бигэргэтэбит.
Зоя Петровна Багынанова саха дьонун дьолугар төрөөбүт кэрэ киһитин өссө чиҥэтэн өйдөөтүбүт бүгүн. Саха поэзията, поэтесса Варвара Потапова, кини куолаһынан, кини толоруутугар бар дьоҥҥо биллибитэ, билигин улуу артыыска бэйэтин сэргэ биир идэлээхтэрин түмэн биһиэхэ хоһоон ыһыаҕын ыһа, кэрэ түһүлгэтин түстүү сылдьар.
Махталлаах ньурбалар, саха дьоно Зоя Петровнабытыгар тапталга билинэбит, сүгүрүйэбит, ытыктыыбыт!