Муус устар 5 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, «Сайсары» ансаамбыл кыттыылааҕа, «Тойук» норуодунай ансаамбыл салайааччыта Елена Николаевна Чарпыкова туһунан ахтыы киэһэтэ буолан ааста.
Национальнай бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Сардана Васильевна Алексеева «Үйэ уонна муусука» бырайыагынан үлэлээбитэ хаһыс да сыла буолбут. Сүрдээх интэриэһинэй бырайыакка умнуллубут ааттары көрдөөн булан, дьоҥҥо сэргэҕэ билиһиннэрии үлэтин күүскэ ыыталлар эбит. Уонна онно араас тэрээһиннэри тэрийэн үйэтитии үлэтин ыытан сурукка киллэрэллэр эбит. Бу бүгүҥҥү ыытыллыбыт тэрээһини Сардана Васильевна салайан ыытта. Дьоро киэһэни элбэх Бэстибээллэр кыттыылаахтара «Күн дьоно» бөлөх Чаппандаттан теруттээхтэр: Евдокия Павлова, Галина Самсонова тойуктарынан, хомустарынан кэлэн кыттан, олус киэргэттилэр. Манна Елена Николаевна туһунан истэн билэр, уонна кини ырыатын истибит биир дойдулаахтара, филологическай билим доктора, профессора Илларионов Василий Васильевич, үлэ, тыыл, государственнай сулууспа бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕастарын Сэбиэтин Президиумун чилиэнэ Данилов Эдуард Фёдорович, Елена Николаевнаны кытта чугастык алтыспыт, бииргэ үлэлээбит «Тойук» ансаамбыл салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Федорова Галина Гаврильевна, Нам оройуонун Үөдэй нэһилиэгиттэн Елена Николаевна сиэнэ Яковлева Любовь Егоровна, СӨ үтүөлээх артыыһа, норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр лауреаттара олоҥхоһут, норуот ырыаһыта Исаков Валентин Гаврильевич, Чаппандаттан Н. Т. Степанов аатынан фольклорнай түмэл салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи Сидорова Татьяна Дмитриевна, Чаппанда модельнай библиотекатын сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Тимофеева Елена Семеновна, Дьокуускай куорат норуот айымньытын үлэһитэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Васильева Любовь Ивановна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Клара Васильева балта Маркова Людмила Дмитриевна мустан Елена Николаевна туһунан тугу истибиттэрин, билэллэрин кэпсээн, ахтан аастылар. Елена Николаевна элбэх сиргэ сылдьан, фольклору дьоҥҥо — сэргэҕэ тиэрдибит, үөрэппит уһуйааччы, норуот талааннааҕа буолар, ордук өр кэмҥэ Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурба, Таатта, Горнай, Өлөөн, Нам, Майа тыаларыгар кулуупка үлэлээбит, кэлин куоракка кэлэн «Сайсары» ансаамбылга солистканан сылдьан, «Тойук» ансаамбылы тэрийбит эбит, ол туһунан Галина Гаврильевна бэрт элбэҕи сырдатта. Галина Гаврильевна тойуксуттар тустарынан хас да кинигэлэри таһаарбыт эбит. Елена Николаевна тойуга 1968 сыллаахха грампластинкаҕа уһуллубута Национальнай бибилэтиэкэ фондатыгар баар эбит. Бүгүҥҥү ахтыы киэһэтигэр Елена Николаевна туһунан элбэх, үчүгэй тыллары иһиттибит. Сиэнэ Любовь Егоровна эбэтин туһунан, дьонноруттан истибитин кэпсээтэ уонна э5эрдэ тойугун анаата, эбэтин утумнаан тойуктуур эбит. Чаппандаттан Елена Николаевна эһэтин аймаҕа Любовь Васильевна Прокопьева (Чарпыкова) кылгас ахтыытын уонна эҕэрдэ ырыатын видеонан ыыппытын, истэн баран, куолаһын сүрдээҕин сөбүлээтилэр. Елена Николаевна тойугун грампластинкаҕа иһиттибит. Бу киэһэҕэ ыраахтан кэлбит Нуучча географическай обществотын чилиэнэ «Сельский и этнографический туризм» Ассоциация солбуйааччыта Рашид Каскырбаев кэлэн ыалдьыттаата, кытынна.
«Норуот ырыаһыта Елена Чарпыкова», — диэн киэҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапкатын көрдүбүт. Елена Николаевна аатын үйэтитэн, кинигэ тахсааһыныгар эбии матырыйааллары көрдөөн, ахтыылары хомуйуу үлэтэ салҕанар.
«Кэнэҕэс, кэлэр өртүгэр
Киэҥ Ийэ дойдубут бары хатыҥа
Хаһан да хагдарыйбатын,
Күн сиригэр күлүк түспэтин! «, — диэн Елена Николаевна суруйбут тылларынан бүгүҥҥү ахтыы киэһэтин Сардана Васильевна түмүктээтэ.
«Үйэ уонна муусука» бырайыак иһинэн биһиги биир дойдулаахпыт Елена Чарпыкова аата ааттанан, дьон-сэргэ билиитигэр тахсыбытынан махталбытын тириэрдэбит. Бу барыта эдэр ыччакка ордук наадалаах, кэскиллээх бырыйыак буолар.
Олохтоох кэрэспэндьиэн
Елена Тимофеева.