МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

ҮТҮӨ ААТТАРА ӨЙДӨБҮННЬҮК БУОЛАН

Ыам ыйын 9 күнэ — Улуу Кыайыы күнэ!

«Ымсыырбаппын албан аакка,
Баҕарабын арай мин
Хардаҕа хараҥарбакка
Дьон туһугар үлэлиэхпин» — норуодунай поэт Иван Гоголев-Кындыл хоһоонун тыллара СӨ үтүөлээх үлэһитэ, краевед, историк Иван Алексеевич Анисимовка анаммыт курдуктар.

Аны аҕыйах күнүнэн Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыайыыннан түмүктэммитэ 77-с сылын бэлиэтиибит. Хас хонон турдах аайы Улуу сэрии сыллара, тыылга хаалан кыайыыны уһансыбыттар, ону сэргэ сэрии сылын оҕолорун аччык аас-туор олохтоммут сыллара улам ааһан, ыраатан иһэллэр.

Өйдөбүнньүк кинигэ

Бу ааспыт сэрии кэмин чахчылааҕын көрдөрөр дьоһун источник, кэлэр көлүөнэ дьон Улуу Кыайыы туһунан билэллэригэр анаммыт үйэлээх өйдөбүнньүк. Ыччат дьоммут кинигэҕэ киирбит, бүгүҥҥү көҥүл олохпут иһин өстөөҕү утары кыргыһыыга олохторун толук уурбут албан ааттаах буойуннар уонна сураҕа суох сүппүт биир дойдулаахтарын,аймах-билэ дьоннорун ааттарын билэн, киэн тутта ааҕыахтара.
Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтооҕо оройуон Өйдөбүнньүк кинигэтин оҥорбут Иван Алексеевич Анисимов үлүгэрдээх улахан үлэни хас эмэ сыллар усталарыгар чөкөтөн, Кыайыы 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ барбыт биир дойдулаахтарын туһунан 3 чаастаах Өйдөбүнньүк кинигэтин бэчээттэтэн таһааран дьон сэргэ биһирэбилин ылбыта. Кини бу үлэтигэр уһун сыллар тухары кэскиллээх үйэлээх үлэни оҥорон краевед историк быһыытынан биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэтитиигэ ураты чиэһинэй, история дьиҥнээх кырдьыгын хасыһан докумуоҥҥа олоҕуран суруйбута.
1995 сыллаахха оҥоһуллубут Ньурбалар Өйдөбүнньүк кинигэлэрин Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа «ордук чуолкай уонна толору» диэн астынан бэлиэтээбитэ. Биир дойдулаахтара оччотооҕу кэм биллэр суруналыыстара Ньукулай Петров — Буруулгун: «Иван Алексеевич историк буолан үлэтэ чөмчөйөн, бар дьоҥҥо тиийдэҕинэ, суругунан пааматынньык туппут киһи быһыытынан сыаналаныахтаах», Семен Гаврильев: «Уратылаах киһи уратылаах үлэтин көрөн сүрдээҕин сөхтүм, хайҕаатым, көрбүппүттэн бэйэм да үөрдүм» – диэн үөрүүлэрин үллэстэн суруйбуттара.

Кыайыы 55 сылын көрсө «Тыыл ветераннара» диэн кинигэни аан маҥнай таһааттаран, салҕыы 2015 сыллаахха, Улуу Кыайыы 70 сыллаах үбүлүөйүгэр «Книга памяти Нюрбинского района Труженики тыла» диэн дьоһун аныгылыы тупсарыллыбыт полиграфиялаах кинигэни Национальнай архыып научнай үлэһитэ Александр Калашниковтыын хомуйан таһааран, сэрии ыар кэмигэр үлэлээбит, сут кураан содулугар оҕустаран эрдэ үйэлэммит чулуу дьоммут ааттара суоллара үйэтитиллэн, кинилэр оҕолоро сиэннэрэ махталларын этэллэр.

Дьоһун киһи аата дьоһун. Төрөөбүт улууһун историятыгар сыһыаннаах 10-тан тахса кинигэни хомуйан таһаарбыт Иван Алексеевич Анисимов норуотугар оҥорбут баай духуобунай нэһилиэстибэтэ хас эмэ кэлэр кэмнэри нөҥүөлээн норуот олорон ааспыт олоҕун, историятын кэрэһилиир дьоһун пааматынньык буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруоҕа. Иван Анисимов курдук ылсыбыт үлэлэригэр бэриниилээх, олоххо тардыһыылаах дьон олороллор, олоҕу кытта охсуһаллар, үлэлииллэр-сүрэх тэбэрин тухары.


Күндү ааҕааччы! Бүгүҥҥү көҥүл, дьоллоох олохпут туһугар бэйэлэрин эдэркээн олохторун биэрбит буойуннар, Кыайыы туһа диэн күүстэрин харыстаабакка үлэлээбит ветераннарбыт, сэрии оҕолорун огдолуйбут олохторун кэпсиир кинигэлэри бу күннэргэ долгуйа ааҕаргар, сүгүрүйэ, махтана ахтаргар ыҥырабыт!!!


Мария Николаева, библиотекарь.