Ф. Г. Сафронов аатынан киин библиотекаҕа аҕам саастаахтарга ыытыллар декада чэрчитинэн педагогическай үлэ бэтэрээнэ, норуот маастара Антонова Мария Васильевна «Үтүлүгү судургутук тигии» диэн маастар кылаас ыытта. Библиотека ыытар тэрээһинин көхтөөх кыттааччыта, билиитин-сатабылын бар дьоннуун үллэстэр, биһиги үлэбитин сэҥээрэр-өйүүр Далбар хотуммутугар махтанабыт!
Талба талааннаах бастыҥ ааҕааччыбытыгар Мария Васильевнаҕа учуутал күнүнэн эҕэрдэбит эгэлгэтин, арчылаах алгыспытын аныыбыт!Баҕарабыт дьоһун олоҕуҥ чэгиэн туруктаах, үөрүүгүт үксүү, үйэҕит уһуу туруохтун!
Рея Васильева, алтынньы 5 күнэ 2022 с.