Төрөөбүт төрүт тылга анаммыт тэрээһиннэрбит чэрчилэринэн кырачаан оҕолорбутугар болҕомто ууран, «Туллукчаан” уһуйаан иитиллээччилэригэр бэрт сэргэх дьарык ыыттыбыт. Бу дьарыкка орто, улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро сахалыы төрүт дорҕооннорбутун хатылаатылар.
Оҕолор дорҕооннору ыраастык саҥарарга эрчиллии арааһын оҥордулар: Һ-лыын күллүлэр, Ҕ-лыын «күөмэй сайҕаннылар», эһэлиин бөөҕүнээтилэр, оҕустуун мөҕүрээтилэр. Ойуунан үлэҕэ тыллары сүһүөҕүнэн араара үөрэнэллэригэр атах хамсаныыларын оҥордулар. Оҕолор күлэн-үөрэн, бэйэ-бэйэлэрин үтүктэн, эрчиллиилэри барытын сатаатылар. Маны таһынан сахалыы мас оонньуулары оонньоон куоталаһыы тыҥааһынын аастылар. Түмүккэ буукубалары өссө да үөрэтиэх буолан тарҕастыбыт.
Сахабыт тыла кэскиллэнэригэр, сарсыҥҥыта сайдыылаах суолланарыгар кыра оҕолору төрөөбүт тылларынан саҥарда, иитэ-үөрэтэ турарга бука бары кыһаллыаҕыҥ.
Ушканова Я. В.