МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

«ҺӨҔҮҤ» САХАЛЫЫ АЙЫМНЬЫ БУКТРЕЙЛЕР КҮРЭҔЭ

Ыам ыйын 26 күнүгэр икки бүк үөрүүлээх сонуну истэн дьоллоннубут. Бу эрэ иннинэ Ньурбабыт улууһа «Саамай ааҕар оройуон» СӨ Национальнай библиотеката тэрийэн ыытар күрэҕэр II-с степеннээх Дипломант аатын ылан үөрбүппүт. «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ биир дойдулаахпыт, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Д.Н.Пономарев-Дьолуолаах «Биһик» сэһэнигэр Борис Габышев-Варламов оҥорбут буктрейлера кыттан куоластааһын түмүгүнэн «Көрөөччү биһирэбилэ» ааты ылла уонна улахан дьон бөлөҕөр кыайыылаах буолла. Буктрейлер күрэҕэр барыта 92 үлэ киирбит этэ.

Күрэх ыытылларын туһунан биллэриини көрөн, кыттан боруобаланарга быһаарыммыппыт. Мөккүөрэ суох биир дэриэбинэҕэ олорор суруйааччыбыт айымньытын билиһиннэрэр санаа киирбитэ. Дьолуолаах «Биһик» сэһэнин сүрэхтэниитэ былырыын күһүн Ньурбаҕа ыытыллыбыт «Якутия-миру» I норуоттар икки ардыларынааҕы этнофестиваль чэрчитинэн, үгэс буолбут «Ньурба көмүс күһүнэ» литературнай тэрээһиҥҥэ ыытыллыбыта. Бу тэрээһиҥҥэ бэлэмнээн биир дойдулаахтара сэһэн ис хоһоонун көрдөрөн, Иринада Ефремова режиссердаах, тэттик киинэ устубуппут. Быйыл Дмитрий Николаевич Пономарев «Биһик» сэһэнэ «Айар» кинигэ кыһата «Сыл бастыҥнара» тэрээһинигэр «Бастыҥ проза кинигэтэ» үрдүк ааты ылбыта. Буктрейлер күрэҕэр Борис Николаевич эппиэтинэстээхтик ылсан, ааҕааччы айымньы ис хоһоонун сэҥээрэн, кинигэни ааҕыах баҕата тутатына киирэр гына оҥорбута үгүс дьон сэҥээриитин ылла.

Икки хонуктаах «Көрөөччү биһирэбилэ» куоластааһыҥҥа кыттыспыт бар дьоммутугар барҕа махталбытын этэбит.

Инникитин да Дьолуолаах «Биһик» сэһэнэ хас биирдии киһи дууһатын тылын таарыйан ааҕааччы өрүүтүн сураһар, сөбүлээн ааҕар кинигэтэ буолуо диэн эрэнэбит.

Татьяна Степанова, Күндээдэ.