Тохсунньу 30 күнүгэр Өҥөлдьө олохтоох бибилэтиэкэтигэр «Хоһоон хонуута» диэн нэһилиэкпит хомоҕой тыллаах хоһоонньуттарын уонна хоһоону сэҥээрээччилэрин бэрт сэргэх түһүлгэлэрэ буолан ааста.
Ол курдук «Көлүкэчээн» түөлбэ культмассовай салайааччыта Никитина С. Д. этиитинэн, дьоро түһүлгэни бибилэтиэкэр, «Көлүкэчээн» түөлбэ салайааччыта Иванова В. В. бэрт хомоҕойдук саҥаран-иҥэрэн, салайан ыытта.
«Хоһоон хонуута» дьоро күн 2024 сыл Россияҕа «Дьиэ кэргэн сылын», Саха сиригэр «Оҕо сылын» чэрчилэринэн, хоһоон айааһын дьиэ кэргэҥҥэ да, оҕоҕо да быһаччы сыһыаннаах диэн санаанан салайтаран тэрилиннэ. Ол курдук дьоро тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпит бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ ветерана Павлова Л. М., хоһоон айар талба талааннаах Петрова Е. Ф., учууталлар Семенова Н. М., Кириллина Н. Г., Иванова Л. Е., соцпедагог, «Хоһоон хонуутун» тэрийсээччи Никитина С. Д. уонна хоһоону сэҥээрээччи «Саһарҕа» үҥкүү бөлөҕүн кыттыылаахтара күндү ыалдьыттарынан буоллулар.
«Хоһоон хонуута» дьоро күн нэһилиэкпит поэтессата, «Ньурба уоттара» литературнай түмсүү кыттыылааҕа, нэһилиэкпитигэр «Умсулҕан» түмсүү салайааччыта Кириллина М. Н. дириҥ ис хоһоонноох хоһооннорун ааҕааһынтан саҕаланна. Мария Николаевна сорох хоһоонноро ырыа буолан көппүттэрэ. Ону таһынан хоһоон алыптаах эйгэтин сэҥээрэр ийэлэрбит Антонова У. С., Федорова А. Е., Налыйдырова А. А., Михайлова Л. М., Петрова Т. Д., Кириллина Н. Г., Иванова Л. Е. нэһилиэкпит хомоҕой тыллаах хоһоонньуттарын, педагогическай үлэ ветераннара Кириллина М. Н., Николаева Е. Г., Никитина А. И., эдэр ийэ Александрова Д. Н. хоһооннорун олус истиҥник иэйиилээхтик аахпыттарын бары да сэргии иһиттибит.
Биир ураты долгутуулаах түгэнинэн Петрова Е. Ф., Семенова Н. М., Никитина С. Д., Иванова В. В. бэйэлэрин авторскай хоһооннорун аахпыттара буолар. Нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт, элбэх хоһоон автора Андреева Т. И. хоһоонун эдьиийэ Петрова Е. Ф. ааҕан иһитиннэрбитигэр Тамара Ивановнабытын ахтан-санаан, уйадыйан ыллыбыт. Салгыы Екатерина Федоровна Үөһээ Бүлүү улууһугар олорор быраатын Васильев М. Ф. уонна кыра уолун Петров А. В. хоһоонноруттан аахпытын олус сэргээтибит.
Бочуоттаах ыалдьыппыт Павлова Л. М. бибилэтиэкэҕэ үөрэппит оҕолорун уонна Өҥөлдьө оскуолатыгар үөрэммит оҕолор ахтыыларын кинигэлэрин үөрэн-долгуйан туран бэлэхтээтэ.
Оскуола эдэр учуутала Антонова В. А. тэрээһини барытын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хаартыскаҕа да түһэрбитин, видеоҕа да устубутун хайҕыы көрдүбүт.
Түмүгэр бибилэтиэкэ уонна «Көлүкэчээн» түөлбэ ааттарыттан тэрийсээччи Никитина С. Д. бочуоттаах ыалдьыттарбытыгар Павлова Л. М., Антонова У. С. уонна хоһооннор автордарыгар Кириллина М. Н., Николаева Е. Г., Никитина А. И., Петрова Е. Ф., Семенова Н. М. харысхал хартыына хаартыскаларын уонна абаҕатын суруйааччы Федотов С. П. «Ыһыах түүн» диэн кинигэлэрин бэлэх ууммута ураты долгутуулаах түгэнинэн буолла.
Дьоро түһүлгэ Кэрэ эйгэ алыптаах чааһыгар уйдаран, биир дойдулаахтарбыт айбыт хоһооннорун ааҕан, истэн, сэргээн бары даҕаны олус сэҥээрдибит, дуоһуйа сынньанан тарҕастыбыт.
Тэрээһини сурукка тистэ бибилэтиэкэр Валентина Иванова