МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Өйдөөх сүрэх иэйиитинэн

Таптыыр поэтым хоһоонунан

Сырдатабын тулабын,

Таптыыр поэтым дьылҕатынан

Аймаһыйа ыалдьабын…

Н.Харлампьева.

(Саха норуодунай бэйиэтэ, Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ
Наталья Ивановна Харлампьева төрөөбүтэ 70 сааһыгар)
Бу күһүҥҥү айылҕа чуумпуран иһийэр, көмүскэ сууланар уратылаах кэмигэр, балаҕан ыйын 1 күнүгэр саха норуодунай бэйиэтэ, Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, биллэр уопсастыбаннай деятель,саха поэзиятын Далбар хотунунан ааттаммыт Наталья Ивановна Харлампьева күн сирин көрбүт, олоҕун биир ытык сааһын көрсөр бэлиэ күнэ.

Наталья Харлампьева аата сахатын дьонугар бу олоххо ураты көрүүлээх, бөлүһүөктүү дириҥ толкуйунан ааҕааччыга ураты суоллаах поэт быһыытынан биллэр.
Наталья Харлампьева 1952 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай таһынааҕы бөһүөлэккэ Маҕаҥҥа төрөөбүтэ. СГУ-тын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Үлэтин Маҕан авиапордугар таһаҕаһы таһыы сулууспатыттан саҕалаабыта. «Северная трасса» хаһыакка, ССКП обкомар бэчээт секторын инструкторынан, Кэбээйигэ райком сэкирэтээринэн, «Кыым» хаһыакка культура отделын сэбиэдиссэйинэн, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын кылаабынай редакторынан, Саха сирин дьахталларын сырдыкка кэрэҕэ сирдиир дьахтар олоҕун киэҥ эйгэтин, саха ааҕааччытыгар умсугутуулаахтык суруйар «Далбар Хотун» сурунаалы төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ буолан, кылаабынай редакторынан, «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай редакторынан үлэлээбитэ. Саха сирин суруйааччыларын союhyн бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ.
Наталья Харлампьева айар үлэтин ситиһиитинэн 2003 с. тахсыбыт икки туомнаах талыллыбыт айымньылара, араас сылларга тахсыбыт хомуурунньуктара буолаллар. Н. И. Харлампьева Саха комсомолун уонна Казахстан «Алаш» литературнай, Россия «Улахан литературнай», А.Т.Твардовскай аатынан бириэмийэлэрин лауреата.
Наталья Ивановна поэт быһыытынан 70 сыллартан ааҕааччыга биллибитэ. Кини дууһа кылын таарыйар ураты иэйиилээх хоһооннорун бастакы кинигэтэ «Аэроплан» 1976 с. тахсыбыт а. Поэзия эйгэтигэр үктэниитигэр айар аартыгын аспыт,саха поэзиятын дьиҥнээх күүһүн,тапталын сахпыт киһиннэн норуодунай поэт Семен Даниловы ааттыыр,улаханнык сүгүрүйэр. Улахан поэт Семен Данилов Наталья Харлампьеваҕа анабыл хоһоонун тыллара:
Ордугургуу, таптыы алгыы
Эн хоһоонноргун ааҕабын
Кэмчиэ кыыстыы, аныгылыы
Сахам тылын ыллатаргын… — алгыс тэҥэ буолан, Наталья Харлампьеваны айар үлэтигэр кынаттаатаҕа.
Дьахтар поэзиятын сүрүн тиэмэтинэн тапталы хоһуйуу буоларыныы Наталья Харлампьева хоһоонноро, дьахтар уонна эр киһи сыһыаннаһыыларыгар анаммыт элбэх айымньылардаах, уратыта хайдах эрэ кини суруйбута хараххар ойууланан көстөн кэлэр курдук. Таптал баар буолан олох салҕанан, киһи киһи буолар диэн санаалаах лирическэй жанрдаах эссе ытыска тутан ааҕыллар “Таптыыр сүрэҕим иминэн” — диэн уйан сүрэҕи долгутар таптал киһи олоҕор суолтатын суруйбут,тус бэйэбэр бэлэх ылынан уурунан ааҕар айымньым. “Саха эр киһитэ тапталын сатаан эппэтиттэн кэлэйиэххэ эрэ сөп… Аныгы көлүөнэ дьон таптал эйгэтигэр улассык тылынан кэпсэтэллэр…Сахалыы, уйаҕастык, чараастык таптал тыллара уостан көтөн түһэр түгэннэрин харыстыахха уонна онтон саатымыахха эбитэ дуу…” диэн этиитэ хайа да аа5ааччыны толкуйдатар буолуохтаах.
Биир дьоһун хоһооннордоох,остуол кинигэтэ гыммыт “Дьол кымыһа” диэн хоһооннорун кинигэтин ааттыам этэ. Бу кинигэҕэ биһиги күннээҕи олохпут ис хоһооно барыта баар курдук.
Мин баҕарабын Эйигин
Мэлдьи көрө сылдьыахпын…
Астына, таптыы, манньыйа
Олох устун барыахпын!
Бу хоһоон тыллара хайа таптыыр киһигин дьоллообот буолуохтарай?
Эбэтэр
Мин уйа туттубутум
Ыраттан, тапталтан, үөрүүттэн.
Дьолго, бүппэт дьолго
Ымсыырбытым..
Мин киниэхэ анаабытым
Кэскилбин,
Дьылҕабын.
Кини кыайан уйбатаҕа
Мин уйам үрдүк тыынын…
Таласпыта судургуга…
Бадарааннаах сааскыга
Таҥнарыылаах тапталга… — бу олохпутугар буолар саарбаҕа суох көстүү…
Эбэтэр
Мин элбэх иэстээхпин бу орто дойдуга
Ырабын кынаттаан көтүппүт дьоннорбор,
Үөрүүбүн, эрэйбин үллэстэр доҕорбор,
Маҥан лиискэ тохтубут иэйиибэр… — чугас дьоҥҥор махтал тылларын этэргин санатар курдук.
Уопсайынан улахан поэт, бөлүһүөк Наталья Ивановна Харлампьева суруйуулара бу олоххо, бэлиэ күннэргэ олус наада буолар толкуйдатар айымньылар,ол кини олоҕу дириҥник киэҥник тургутан өйдөөһүнүттэн тахсар, сүбэлиирэ эмиэ элбэх. Онон кини хоһоонноруттан, эсселэриттэн, этиилэриттэн элбэҕи туһаныахха сөп.
Сүбэм кыра —
Таптыахха – кырдьыктык,
Ытыахха — дьиҥнээхтик,
Арахсыахха судургутук,
Киһи курдук…
Эбэтэр
Талаана суоххун диэтэхтэринэ,
Тыылла тэбэн тахсар буол,
Дьоҕура суоххун диэтэхтэринэ,
Дьорҕооттоно түһэр буол!
Оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтии боппуруостарыгар тус санаатын маннык эппиттээх:
“Тылбытын тыыннаах хааллардахпытына эрэ омук быһыытынан тыыннаах буоларбыт чуолкай. Саха оҕото сахалыы саҥарыахтаах. Ол дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитиллэр. Оскуола да, оҕо уһуйаана да онно эппиэтинэстэрэ кыра. Судургутук эттэххэ – саха омук быһыытынан тыыннаах хаалара дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллар. Уонна манна биир санааны этиэхпин баҕарабын – оҕону сахалыы тыыннаах ииттэххэ, сахалыы куту иҥэрдэххэ, оччоҕо кини омугун хаһан да ыһыктыа суоҕа. Ол тылы билиини кытта тэҥҥэ иҥэриллиэхтээх. Ити санааттан суруллубут хоһооммун өйдөөтүм:
Эмээхсин күнэ быстах.
Сиэннэригэр түбүгүрэр,
Алаадьы оҥорор, күөрчэх ытыйар,
Дьуккуруйбут тобугу үрэр,
Кэриир ыты аһатар,
Ооҕуй оҕуһу көмүскэһэр…
Эмээхсин күнэ улуу.
Кэлэр кэми түстэһэр,
Сиэри-туому ситимниир,
Омугун үгэһин үйэтитэр,
Айылҕаны арчылыыр,
Саханы сахатытар…” — эбээлэр барахсаттар күннээҕи олохторун
бу баардыы хоһуйбут.
Тапталгын, дьолгун, кырдьыккын,
Сахаҥ тылыгар итэҕэйээр — диэн алгыс кэриэтэ этиллибит хоһоонун тыллара төрөөбүт тылга тапталы, эрэли эмиэ саҕар.
2020 сыллаахха саха норуотугар улаханнык сыаналанар, киэн туттуу бэлиэтинэн буолар “Молодая гвардия” кинигэ кыһатыгар “ЖЗЛ” аатырбыт сиэрийэҕэ саха норуодунай бэйиэтэ Семен ДАНИЛОВ туһунан саҥа кинигэ күн сирин көрбүтэ. Кинигэни саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья ХАРЛАМПЬЕВА Сэмэн Данилов күннүктэригэр олоҕуран бэлэмнээн таһааран сахатын дьонугар дьоһун бэлэҕи оҥорбута.
Семен Петрович Данилов норуодунай бэйиэт, уопсастыбаннай диэйэтэл да быһыытынан, саха литературатын бүтүн Сэбиэскэй Сойууска уонна омук да сирдэригэр аатырдыбыт, биһиги бастакы классиктарбыт кинигэлэрин сахалыы, нууччалыы тылларынан таһаартаран, норуоттарыгар төннөрбүт киһи буолар.
Өрөспүүбүлүкэ, Россия таһымнаах улахан салайааччы Наталья Ивановна Харлампьева үтүө үгэскэ кубулуйбут “Үрүҥ хаар алгыһа” (“ Благодать Большого Снега”) поэзия бэстибээлин ааптара буолан, норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия түһүлгэтин олохтоон, хаһыс да сылын ыытан кэллэ. Бэстибээлгэ бырааттыы норуоттар быстыспат ситимнэрин туоһута тылбаас буолан Казахстан, Кыргыстан, Хакасия, Карелия, Татарстан, Москва уо.д.а. сирдэртэн бэйиэттэр, суруйааччылар кэлэн үрүҥ хаар алгыһын ылынан, ыалдьыттаан бараллар. Бу эмиэ улуу бэйиэт Семен Данилов үлэтин салҕааһын курдук барара кэрэхсэбиллээх, аата ааттана, үрүҥ алгыс буолан саҥа иэйиилэри, айымньылары саҕар кэскиллээҕэ саарбаҕа суох.
Үрдүк поэзия кынатыгар уйдаран, улахан поэт, общественнай деятель саха норуотун киэн туттуута Наталья Ивановна Харлампьева орто дойдутааҕы оло5о, айымньылаах үлэтэ-хамнаһа өссө да ситиһиилэнэн, олоҕун көмүс күһүнэ, бэйэтэ эппитинии «мааныга далбарга,тапталга» аастын, таптыыр сүгүрүйэр киһитэ, улахан учуутала поэт Семен Данилов өтө көрбүтүнүү салҕанан бара турдун!
Эн барыма чуумпу дьолго —
Оччоҕо ыллыаҥ суоҕа.
Баҕарыма муҥа суох тапталга —
Оннук суох Орто дойдуга.

Мария Николаева, библиотекарь. Ньурба, Хаҥалас. 2022 сыл.