Өксөкүлээх Өлөксөй «Оттоку олук алгыһа»
Быйыл саха литературатын тэрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, айар тыл аҕатынан ааттаммыт уһулуччулаах поэт, саха бастакы учуонайа, бөдөҥ общественнай деятелэ Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сыла. Кини 1887 сыллаахха кулун тутар16 (3)күнүгэр Таатта улууһун 2-с Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, айар үлэтэ саха норуотун өлбөт –сүппэт духовнай баайа. Кини уус –уран айымньылара, этнографияҕа, фольклорга үлэлэрэ, Саха сирин айылҕатын чинчийиилэрэ, саха норуотун олоҕун, общество тутулун, итэҕэл, тыл, литература уратыларын ырытыылара, сыаналааһыннара – барыта күн-дьыл өксүөнүгэр оҕустарбакка ис хоһоонноро өссө дириҥээн, суолталара улаатан иһэр аналлаахтар.
Алексей Кулаковскай айар үлэтин чыпчаалынан «Ойуун түүлэ» философскай ис хоһоонноох поэмата буолар. Бу айымньы суолтата бу күҥҥэ диэри, сүдү суолталанан, бүгүҥҥү биһиги боростойо суох олохпутун бу баардыы үйэлэри уҥуордаан кэлэн суруйбута ааҕааччыны толкуйдатар уонна долгутар буолан дьон бу айымньыны ааҕар буолбута мэлдьэҕэ суох. Бу поэматыгар бүтүн киһи аймаҕы долгутар араас хабааннаах проблемалар: аан дойдуга сэрии, сут, араас иэдээн, баттал – үктэл баһаамнаатаҕына хайдах орто туруу бараан дойдуга ордон хаалыахтарын туһунан санаа – оноо түмүллэн көрдөрүллүбүтэ.
Улуу сырдатааччыбыт биир саамай бөдөҥ, научнай суолталаах үлэтинэн «Саха интеллигенциятыгар сурук” буолар. Быйыл Өксөкүлээх Өлөксөй Интеллигенция5а суруга» суруллубута 110 сылын туолар. Бу айымньыга хайдах сайдыылаах кэлии омук үөрэхтэрин – билиилэрин, культураларын сахалар бэйэлэригэр иҥэринэн хаалыахтарын «Интеллигенция5а сурук» диэн айымньытыгар тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.Кини бу үлэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын кытта тумнубакка, сүөһү иитиитин технологиятын тупсарыыга дириҥ ис хоһоонноох, кэскиллээх ыйыылары оҥорбута. Төрөөбүт Сахатын сирэ, кини быстар дьадаҥы дьонун олохторун экономиката бөҕөргүүрүгэр чопчу туһаайан суруйбута. Биир үйэ анараа өттүгэр, 1912 с. суруллубут. Бу Сурук Алексей Кулаковскай улахан таһымнаах салайааччы, уустук боппуруостары быһаарар экономист, бүтүн омук дьылҕатын түстүүр кыахтаах бөлүһүөк буола буоларын арылыччы дакаастыыр.
Убаастабыллаах ааҕааччылар! Саха норуотун бастакы учуонайа,саха литературатын аҕата улахан бөлүһүөк, *быйыл төрөөбүтэ 145 сылын туолар Өксөкүлээх Өлөксөй айан хаалларбыт айымньыларын, хомуйан оҥорбут чинчийиилэрин бүгүҥҥү уустук кэмҥэ, арыйа баттаан сыныйан үөрэтэргитигэр, дириҥ өйдөөх суруйууларын сыта-тура ааҕаргытыгар ыҥырабыт! Норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйа «Ол кинигэни булан аахпыт киһи ньии!..» — диэн истиҥ баҕата – норуокка, билигин даҕаны, олох мөккүөрэ суох кырдьыгар тэҥнэһэллэр. Бу тыллар инникитин даҕаны сөп буола-буола ахтыллыахтара, болҕомтону тардыахтара диэн эрэнэ хаалабыт.
Библиотекарь Мария Николаева, Хаҥалас.