Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас хабааннаах, олус интэриэһинэй тэрээһиннэр ситимин быспакка сыллата ыытыллаллар.
Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр «TUOS» ааҕыы кэтэхтэн кэмпириэнсийэтэ ыытылынна. Бу кэмпириэнсийэ сыала – соруга оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун, сахалыы саҥарар-толкуйдуур сатабылын сайыннарыы буолар.
Ааҕыы кэмпириэнсийэтэ икки түһүмэххэ арахсан үс бөлөҕүнэн ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан: Абыйтан, Орто Халыматтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн 137 оҕо кыттыыны ылла.
Кэмпириэнсийэ түмүгүн таһаарыытыгар «Кэскил» хаһыат уонна «Бэлэм буол» сурунаал эрэдээксийэтин эппиэттиир сэкирэтээрэ Прокопий Софронеев, «Саха НКИХ» ханаалын оҕолорго аналлаах сахалыы ойуулук режиссера Изабелла Егорова уонна «Оҕо сайдар, ааҕар киинэ» сүрүн бибилэтиэкэрэ Наталья Захарова састааптаах экспертнэй дьүүллүүр сүбэ тэриллэн үлэлээтэ. Экспертнэй сүбэ үлэлэри сыаналаан, саастарынан наардаан, бастыҥ үлэлэргэ добун сурук туттардыбыт.
Ол курдук, Ньурба к. үөрэнээччилэрин ортотугар, кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхаларынан «Мин сөбүлээн аахпыт айымньым» сиэксийэҕэ оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр кыайыылааҕынан таҕыстылар: бастакы үрдэл — Михайлов Айсиэн, Ньурба куорат 3 N- дээх орто оскуола 3 «А» кылааһын үөрэнээччитэ (Сал. Павлова И. И., Ньурбатааҕы Кииннэммит библиотечнай ситим Оҕону кытта үлэлиир методиһа);
иккис үрдэл — Андреев Егор, Ньурба куорат Ст. Васильев аатынан гимназия 4 «А» кылааһын үөрэнээччитэ (Сал. оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин үлэһитэ Семёнова Л.П.).
Оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр Бастакы үрдэли ылан кыайыылааҕынан буолла Кириллин Петр, Ньурба куорат техническай лицей 5 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ (Сал. Ушканова Я. В., Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин үлэһитэ).
Бибилэтиэкэр Семёнова Л. П.