МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
2023-2027 — Саха сиригэр А.Е.Кулаковскай сыллара

Кулун тутар ый- Ньурбатааҕы бибилэтиэкэ ситимигэр Өксөкүлээх Өлөксөй  ыйа 2022 сыллаахха, Өксөкүлээх Өлөксөй   145 сылыгар Хаҥалас улууһугар сахабыт сирин салалтата, өркөн өйдөөхтөрө түмсэн улахан симпозиум буолбута. Бу түмсүү түмүгүнэн А.Е. Кулаковскай биэс сыла биллэрбитэ. Сонно Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ А. В. Багмет, Кулун тутар ый-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт ыйа- Ньурба бибилэтиэкэтин ситимигэр — А.Е.Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй ыйынан- биллэриллэрин туһунан бирикээһэ тахсыбыта.

Биэс сыллаах үлэ былаанын ылынан төрдүс сылын бибилэтиэкэ кулун тутар ыйга саха омук инники дьылҕатын өтө көрөн үлэлэрин хаалларбыт бөлүһүөк, саха литературатын төрүттээбит суруйааччы олоҕун, айымньыларын, үлэлэрин үөрэтиигэ үлэ ситимнээхтик барар.

Бу түөрт сыл устата Ньурбатааҕы государственнай тыйаатыртан Саха норуодунай артыыһа, киин бибилэтиэкэбит улахан доҕоро Борис Иванович Борисов тэҥҥэ үлэлэһэн, Өксөкүлээх айымньыларын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиигэ үгүс көмөтүн уурсар.

Быйылгы «Өксөкүлээх уонна чөл олох» тэрээһиммитигэр суруйааччы «Арыгы», «Ортоку олук алгыһа» айымньыларын толоруутун мустубут дьон иһийэн иһиттэ, саҥалыы ылынна, өйдөөтө, өссө төгүл чиҥэттэ.

Ааҕааччылыын үлэлиир салаа