Сахалартан бастакы тыл үөрэхтээҕэ, саха суругун — бичигин олохтообут С. А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар, төрөөбүт тыл, сурук — бичик күнүгэр «Күөх Ньурба куорсуннаахтара» тэрээһиҥҥэ 30 талба талааннаах, суруйар-айар биир дойдулаахтарбыт кытыннылар. Бу тэрээһиммитин сэҥээрбит, айымньыларын бар дьон истиитигэр таһаарбыт дьоммутугар махтанабыт!
«Күөх Ньурба, Киэҥ Ньурба күөх ньаассын өҥ кырсыгар Үрдүк Поэзия алыптаах ата Пегас — Дьөһөгөй оҕото барахсан — көҥүл көччүйэн толоруйдун, уурастыыры билбэт ураннаах айанын суолугар иитиллибит Ийэ сириттэн күүс — күдэх, уох ылынан, дорҕоонноох аартыгын дабайан, дьолуота тамайдын ! Алгыс баһа сыаланнын ! » диэн суруйааччыбыт Ахмед Дмитриев тылларынан баҕа санаабыт бастыҥын ыытабыт.