Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах «Кэпсээн абылыыр иэйиитинэн сахам тылын хоһуйабын» диэн Куйаар ситимин нөҥүө күрэх түмүктэннэ (Олунньу 3 — 14 күннэрэ). Күрэххэ Ньурба оройуонун харахтарынан хааччахтаах дьонноро кыттыннылар. Күрэх икки хайысханнан барда: кэпсээни өйтөн айан эбэтэр кэпсээни уус — ураннык ааҕан аудио нөҥүө толорон ыытааһын. Ол курдук бастакы хайысхаҕа кыайыылаах аатын ылла аҕам саастаах кыттааччыбыт Иванов Петр Тимофеевич (Күндээдэ), иккис хайысхаҕа кыайыылааҕынан буолла Ксенофонтова Антонина Васильевна (Ньурба). Биһирэбил суруктарынан бэлиэтэннилэр Васильева Эмма Иннокентьевна (Маалыкай), Казакова Ирина Егоровна (Чуукаар), Маччаева Ольга Афанасьевна (Ньурба). Көхтөөх кыттааччыларбытын эҕэрдэлиибит! Олоххо дьулуургут, Саха омук сардаҥалаах саргытын туһугар айар талааҥҥыт аһыллан иһиэхтин.
МКУ "Нюрбинская МЦБС"
Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова