Олунньу 13 күнэ тɵрɵɵбүт тыл уонна сурук – бичик күнүнэн, саха алпабыытын тɵрүттээччи С.А.Новгородов 130 сылынан, бастакы сахалыы букубаар тɵрүттэммитэ 105 сылынан, ϴрɵспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар ыытыллар ɵрɵспүүбүлүкэтээӄи «Таптыыр сахам тылынан…» аахсыйа оройуоннааӄы этаба буолан ааста. Хамсык ыарыынан сибээстээн ааксыйа 24 площадканан куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна. Манна, баҕа өттүнэн, 3 кылаастан саӄаалаан 8 кылааска диэри саха тылын билэрин тургутан кɵрɵргɵ барыта холбоон 861 оӄо кытынна.
Ааксыйа түмүгүнэн, тургутуу быhыытынан бэриллибит 9 сорудахтары сɵптɵɵхтүк толорон уонна 10-с боппуруоска ɵйтɵн суруйууга тиэмэни толорутук аhан, улахан балл ылбыт кыттааччыларбытын билиhиннэрэбит:
3-4 кылаастарга бастыҥ үлэлээх — Максимилиан Григорьев, Д.И.Павлов аатынан Өҥөлдьө орто оскуолатын 4 кылааhын үөрэнээччитэ.
5-6 кылаастарга икки оҕону таҕыста: Алексей Дмитриев, М.В.Мегежекскэй аатынан Маалыкай орто оскуолатын 6 «б» кылааhын үөрэнээччитэ уонна Фаина Кириллина, Ньурба куорат 2 нүөмэрдээх орто оскуола 5 «в» кылааhын үөрэнээччитэ.
7-8 кылаастарга: Руслан Николаев, Н.И.Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолатын 7 кылааhын үөрэнээччитин үлэтэ талылынна.
Кыайыылаахтар Добун суруктары уонна Оӄо уонна ыччат библиотеката бэлэмнээбит ɵйдɵбүнньүк бэлэхтэрин тутуохтара.
ϴрɵспүүбүлүкэтээӄи түмүгүнэн Алексей Дмитриев, М.В.Мегежекскэй аатынан Маалыкай орто оскуолатын 6 «б» кылааhын үөрэнээччитэ 2 бɵлɵххɵ 2 бочуоттаах миэстэӄэ таӄыста.
Быйыл аахсаан да, хаачыстыба да өттүнэн көрдөххө эбиллии баар.10 сорудахтарыгар бүтэhигэр бэриллибит темаӄа кɵҥүл суруйууга «Ким доӄордоох – ол дьоллоох», «Кинигэ – сыаната биллибэт кылаат», «Тɵрɵɵбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ» тус бэйэлэрин санааларын суруйбуттара. Манна 7-8 кылаастарга, бэрт аҕыйах этиинэн муҥурданар, санааларын ситэри эппэтэхтэрэ көһүннэ. Инникитин, өйтөн суруйууга, оҕолор ситэри үлэлииллэригэр болҕомтону уурар наада, диэн санааҕа кэллибит.
Төрүт тылбыт үйэлэргэ тыыннаах буоларын туһугар үлэлиир үөрэҕирии, култуура үлэһиттэрэ өссө сомоҕолоһон, бииргэ үлэлээн, саҥаттан саҥа бырайыактарынан, ааксыйаларынан иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыаҕыҥ. Үүнэр кэнчээри ыччаппыт төрөөбүт тылын ыраастык билэрин, киэн туттарын ситиһиэҕиҥ!