МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
КҮНДҮ АЙТИЛЛЯ АНАТОЛЬЕВНА!

Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ улахан доҕорун — эйигин- ылыспыт үлэҕэр ситиспит үрдүк үтүө түмүктэринэн, Саха сирин 100 БАСТЫҤ учууталларын ахсааныгар киирбиккинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Эйигинэн киэн туттабыт! Эн — саха тылын кэрэтин, норуот фольклорун умсугутуулаах эйгэтин кэлэр көлүөнэ оҕолорбут өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэрэ сылдьар Далбар Хотун буолаҕын. Тылы сүппэт гына харыстыыр, иитиллэр оҕо сүрэҕэр сахалыы тыыннаах тылы иҥэрэр эн үлэҥ — норуот кэскилин бөҕөргөтөр улуу дьыала. Сахалыы тылбыт эн сэмэй, ол эрэн үтүө санааҕынан кэми уҥуордаан, кэлэр үйэлэргэ аата-суола ааттаныаҕа. Саха оҕото төрөөбүт тылынан киэн туттар, өбүгэ үгэһин үйэтитэр күүстээх санааланара — эн саамай улахан кыайыыҥ. Ситиһииҥ өссө да үрдээтин, инникигэ эрэллээх буол. Сахалыы саҥаҥ-иҥэҥ, кэпсиир кэпсээниҥ үүнэр көлүөнэни саргылаах суолга сирдээтин. Үлэҕэр өрүү үрдүк таһымнаах, эйигин кытта өрүү бииргэ үлэлэһэр кинигэ кыһата эн күүстээх доҕоруҥ буола турдун!

Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ