МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
Тымныы оҕонньор төрөөбүт күнэ

Сэтинньи ый 18 күнэ — Арассыыйаҕа Тымныы оҕонньор төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күҥҥэ Чуукаар орто оскуолатын 2 кылааһын оҕолоругар бибилэтиэкэр Клавдия Владимировна айар дьарыкка араас матырыйааллары туһанан хамсыыр хаар киһини оҥорорго үөрэттэ.

Оҕолор оҥоһуктарын үрүҥ уонна өҥнөөх кумаахылары кырыйан, сыһыаран, кырааскалаан, бэйэлэрин илиилэринэн оҥорон таһаарбыт хаар киһилэрин хамсатан айар дьарыктан үөрүүлэрэ үгүс.

Бу дьарык оҕолор толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарар уонна бырааһынньыктааҕы настырыанньаны үөскэтэр сыаллаах ыытылынна.