МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
Хорулатааҕы «ИЭЙЭР КУТ» түмсүү иһитиннэрэр

Салайааччы Лариса Андросова

Ылдьаа-Хоһуун тыл,
Елена-Намчы дьүрүлэ,
Мичил Моисеев тол,
Кыысчааныам.

Саҥа ырыа

Анна Семенова-Арылы Кустук тыл.
Олимпиада Колесова дьүрүлэ, толоруута,
Добун студия устуута

ЫЙДАҤА КИЭҺЭ

Мин дойдум

Тупса сайдар дойдубун,
Талыыларын ыллыыбын,
Тустуук, быһый ыччатын,
Талба талаан дьоммутун.

Халыҥ тайҕа быыһыгар
Хаамса хааһар тайаҕын,
Хонуу устун хорҕойор
Хороҕоркоон муостааҕын.

Үөрдээх хаҥыл сиэллээҕэ
Үөрэ сырсар үрэҕин,
Үөмэх сулус кэриэтэ
Үөскүүр бөдөҥ соботун.

Сырбалдьыйар саһылын,
Саһа ойор саарбатын,
Сааһын охсор уларын,
Сайылыгым кэрэтин.

Тупса сайдар дойдубун,
Талыыларын ыллыыбын,
Тустуук, быһый ыччатын,
Талба талаан дьоммутун.

Балбаара. Хорула. 2020

«Сахам тыла» Варвара Кононова-Балбаара Хорула тыллара,Илья Константинов матыыба,толоруута

«Хаар үҥкүүтэ» Варвара, Кононова — Балбаара тылларыгар, ыллыыр Константин Мохначевскай