
С.П. Гаврильев аатынан Тойук норуот айымньытын дьиэтэ, Н.И. Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолата уонна Хаҥалас нэһилиэгин ааҕар балаҕана бииргэ түмсэн, Олоҥхо дьоро күнүн бэлиэтээтибит.

Тэрээһин чэрчитинэн Олоҥхо эйгэтигэр угуйар дириҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапката туруорулунна. Тэрээһиҥҥэ мустубут ыалдьыттарбыт олоҥхоһуттар тустарынан сэргээн иһиттилэр, бастыҥтан бастыҥнар күөн көрсүһүүлэрэ — викторина — көрөөччүлэр болҕомтолорун тарта.

Оҕолор саха үһүйээннэрин, бухатыырдар хорсун сырыыларын туһунан ыйытыктарга олус көхтөөхтүк, чаҕылхайдык хоруйдаатылар. Кинилэр билиилэрин-көрүүлэрин, норуоттарын култууратыгар тапталларын иһин, бириистэри тутан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэ-көтө тарҕастылар.

Тэрээһин түмүгүнэн, уопсайа 40 кыттааччы кыттыыны ылла. Бу күн Олоҥхо алыптаах эйгэтэ хас биирдии сүрэххэ саҥа кыымы сахта.
Анжелика Васильева

