МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
«Мин сахабынан киэн туттабын» бырайыак 3-с түһүмэҕэ

Ньурба оройуонун Тыл сүбэтэ, Оҕо-ыччат бибилэтиэкэтин иһинэн Ааҕар киин, «Сайдам тыл» түмсүү холбоһуктаах куорат оскуолаларын 3-4-с кылаастарын икки ардыгар «Мин сахабынан киэн туттабын» бырайыак 3-с түһүмэҕэ олоҥхо күнүгэр ананна.

Бүгүн 4-с кылаастар ортолоругар «Олоҥхоҕо бастыҥ кылаас» уус-уран дьүһүйүү күрэҕэр Ньурбатааҕы 3№ алын сүһүөх оскуола 4-б кылааһа соҕотоҕун кыттыыны ылла. Кинилэр саха норуодунай поэта Күннүк Уурастыырап суруйбут биллиилээх «Нуоҕалдьын Кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхону аныгылыы быһыылаан көрөөччүлэргэ билиһиннэрдилэр.

Оҕолор айымньы ис үөрэтэн, билэн, олус кыһаллан уруһуйдаабыттар. Тылларын-өстөрүн чочуйан киһиэхэ тиийимтиэтик толороннор дьон болҕомтотун туттулар.

Дьүүллүүр сүбэ, сорох үөрэх тэрилтэлэригэр карантин биллэриллэн, кыттааччылары оскуолаҕа баран көрдө уонна оҕолорго бары үчүгэйи баҕаран туран, бастакы үрдэл Добун суругун туттарда. Ону таһынан «Төлкөлөөх тыл» анал ааты Лукьян Даниловка анаата.

Кылаас салайааччыта Изамира Александровна Винокурова салалталаах 4-б кылааска барҕа махталбытын тириэрдэбит! Айымньылаах үлэҕит өссө да таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун диэн алгыыбыт! Аны карантин бүттэҕинэ 3-с кылаастар күөн көрсөллөрүн күүтүөҕүҥ. Оҕо-ыччат библиотеката.