Сэтинньи 26 күнүгэр Оҕо-ыччат бибилэтиэкэтин волонтера Ньурбатааҕы техническэй лицей 8-б кылааһын үөрэнээччитэ Милана Ушканова кырачааннарга өбүгэ оонньууларын билиһиннэрдэ.

Туостан, талахтан оҕустары, дыыгынаайыны, хаамысканы, хабылыгы оҕолор сэргии көрдүлэр, остуол тула оонньоон холоннулар.


Оҕо илиитин былчыҥын, тарбахтарын сайыннар өбүгэбит оонньуурдара болҕомтолоох, сымса буоларга үөрэтэллэрин таһынан өй үлэтин күүһүрдэллэрэ биллэр.

Кырачааннар уһуйааннарыгар хабылыгынан, хаамысканан эрчиллэр, оонньуур буоланнар барытын сэргииллэрэ, олуһун кыһаналлара киһини үөртэ. Миланабыт бу тиэмэнэн оройуоннааҕы нпк-ҕа кыттарыгар ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

Оҕо-ыччат бибилэтиэкэтэ

