Сэтинньи 25 күнэ — Саха сиригэр ураты суолталаах, Олоҥхо күнэ буолар. Бу күннээҕи дьоро бырааһынньыкка уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥ далааһыннаах Олоҥхо декадатыгар анаан, сылын аайы үгэскэ кубуллубут «Олоҥхо дьыктаана» сырдатар аахсыйа ыытыллар.


Быйылгы аахсыйаҕа Ньурба улууһун бибилэтиэкэлэрин 75 кыттааччыта көхтөөхтүк кыттыыны ылла.


Бу сыллаах дьыктааҥҥа кыттааччылар дьикти уран тыллаах, ис хоһоонунан уонна көрүҥүнэн баай олоҥхоһут Прокопий Прокопьевич Ядрихинский — Бэдьээлэ айымньытын «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыылары суруйдулар.


Дьыктааны суруйуу кыттааччыларга олоҥхо тылын-өһүн баайын, уус-уран эгэлгэтин билиэхтэрин, истэн олорон сурукка түһэрэн ыларга кыах биэрдэ. Олоҥхо — саха норуотун уус-уран тылын, өй-санаатын, үгэстэрин уонна олоҕун-дьаһаҕын кэрэһилээн кэлбит улуу норуот айымньыта.


«Олоҥхо дьыктаана» курдук аахсыйалар төрүт култуурабытын, норуот айымньытын кэрэхсээһини кэҥэтэр, кинини кэлэр көлүөнэҕэ бигэтик тиэрдэргэ туһалаах.
Аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыбыт бары дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит! Олоҥхо тылын-өһүн баайын бары бииргэ бигэргэтэн, кэлэр көлүөнэҕэ ситимниибит!

