МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
Айар талаан- норуот баайа

Сэтинньи 28 күнүгэр көрбөттөр уопсустубалара тэриллибитэ 75 сыллаах үбүлүөйүгэр «Ньурба уоттарын» аҕа саастаах чилиэнэ, «Хотун Бүлүү хонноҕуттан» түөрт кинигэ ааптара, көрбөттөр уопсустабыларын чилиэнэ Павел Григорьев — Салҕааһыны суруйааччы быһыытынан билиһиннэриини Кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин иһинэн үлэлиир «Ньурба уоттарын»салайааччыта суруйааччы Дмитрий Пономарев- Дьолуолаах уонна бибилэтиэкэр Маргарита Ноева оҥордулар.


Сөҕүмэр талааннаах киһибит туһунан Ньурба дьонун сэргэ Дьокуускайтан, Тааттаттан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан, Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит ыалдьыттар сэҥээрэн иһиттилэр.


Ньурба айар-суруйар талааннаах дьоно-сэргэтэ тапталлаах Ньурбабытын дорҕоонноохтук ааттата инникитин да ханна да иһитиннэрэ туруохтара, диэн санаанан салайтаран үлэлиир бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр истээччилэр махталларын эттилэр.

Полина Филиппова