«В каждом из детей есть живые герои, взятые мною прямо из жизни… Вижу их так ясно, будто расстались мы только вчера»
В. А. Осеева.
Муус устар 27 күнүгэр сэбиэскэй кэмнээҕи оҕо суруйааччыта, педагог, тылбаасчыт Валентина Осеева төрөөбүтэ 120 сылын туолла. Кини кырачаан ааҕааччыларга анаабыт үтүө санаа, кырдьыктаах буолуу туһунан айымньыларын нөҥүө хас да көлүөнэ дьон улаатта. Суруйааччы Валентина Осеева бу тулабытыгар баар дьоҥҥо, кыылларга, бииргэ үөрэнэр доҕотторгор, ыалларгар, кыраҕа-кыаммакка көмөлөһөр болҕомто, иһирэх сыһыан курдук наадалаах хаачыстыбалар баар буолуохтаахтарын ааҕааччы дууһатыгар бэйэтин айымньыларын нөҥүө көрдөрөн суруйбута. Ол да иһин кини — “мин геройдарым бу олохтон ылыллыбыт буоланнар, кинилэрдиин бэһээ эрэ арахсыбыт курдукпун” — диэтэҕэ. Оҕо саастан киһи бэйэтин суобаһа, өйө-санаата тугу этэринэн сылдьыахтаах диэн санаалаах, өйдөөх улааппыт Валентина Александровна, суруйааччы буолан тахсан баран, автобиографическай аҥардаах “Динка” диэн боростой үлэһит норуот олоҕун кэпсиир сэһэни суруйбута. “Васек Трубачев и его товарищи” кинигэтэ оччотооҕу кэм оҕолорун дьиҥнээх эрэллээх доҕоттор баалларын, сэрии оҕо хараҕынан кэпсэнэрэ үгүс ааҕааччыны долгуттаҕа. Онтон “Волшебное слово” диэн кэпсээнэ хайа да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэккэ кэллэ. Бэл билигин олохпутугар туттар “баһаалыста” диэн аптаах тылы эттэххинэ биэриэм диэбит этии бу кырачаан кэпсээҥҥэ олус сыһыаннаах. Валентина Осеева айымньыларын биир уратыта, ааҕааччыга тиэрдэр сүбэтэ — ааҕан баран, мин сыыһа гынным дуу сөпкө оҥордум дуу диэн. толкуйдуурга үөрэтии буолар.
Муус устар 27 күнүгэр Хаҥалас орто оскуолатын бастакы кылааһын үөрэнээччилэригэр (кл.салайааччыта Алексеева П. Н.) суруйааччы, педагог, Валентина Осеева төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан ыытыллыбыт библиотечнай урокка оҕолор суруйааччы олоҕун, оҕолорго анаан суруйбут айымньыларын сороҕун истэн, сороҕун презентация нөҥүө билистилэр. «Волшебное слово” кэпсээнин мультигын сэргии көрдүлэр.Түмүккэ оҕолор суруйааччы В. А. Осеева айымньыларынан 120 сааһыгар анаммыт республиканскай уруһуй күрэҕэр кыттаары сорудах ыллылар. Нэһилиэк библиотекара Николаева М. Н., оскуола библиотекара Антонова Г. Н. салҕыы кыра кылаас уонна уһуйаан оҕолоругар суруйааччыга анаммыт библиотечнай уроктары ыытыахтара.
Суруйааччы Валентина Осеева айымньылара сэбиэскэй кэмҥэ суруллуннар да, бу олоххо суобас, чиэс, үтүө санаа курдук духовнай сыаннастар баалларын өрө тутан кырачаан ааҕааччыга ууммута бүгүҥҥү уустук, сиэр майгы уларыйбыт кэмигэр суолталара сүппэккэ ааҕылла туралларыгар, оҕолору, эдэр ийэлэри ыҥыра хаалабыт.
Мария Николаева, библиотекарь, Хаҥалас.