Кинигэ выставката
Ыам ыйын 13 күнүгэр Чаппанда модельнай библиотекатыгар Саха бастакы тыл үөрэхтээҕэ, учуонай Семён Андреевич Новгородов 130 сылыгар уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах «Тыл кэриэһэ тыыннаах буолуохтун! кинигэ выставката Чаппанда орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэригэр ыытылынна. Саха суругун-бичигин түсчүтэ Семен Андреевич Новгородов саха тыла наука буолан сайдарыгар Семен Андреевич Новгородов аата, кини өҥөтө быһаччы суолталаах. Ол курдук кинигэбит выставкатын бастакы разделыгар С. А. Новгородов оло5ун, үлэтин кэпсиир кинигэлэр, хаһыаттан ыстатыйам ууруллан турдулар. Бары да5аны билэбит Семён Андреевич Новгородов саха норуотун суругун-бичигин алпабыыт айан төрүттээбит, саха дьонун бастакынан үөрэххэ сирдээбит киэҥ туттар учуонайбыт буолар. Кини аан бастаан 1917 сыл, бала5ан ыйын 4 күнүгэр «Сахалыы сурук-бичик» (Якутский букварь) латыынньыы бэйэтэ айбыт алпабыытынан, учуутал Н. Е. Афанасьевтыын этнограф В. М. Ионов оҥорбут букубаарын, тус бэйэтиттэн көҥүлүн ылан, тупсараннар таһаарбыттара. Бу кинигэ билигин олох суо5ун кэриэтэ биир сэдэх кинигэ, история чахчытын кэпсиир, кэрэһэлиир кинигэбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай библиотекатын фондатыгар баар. Бу кинигэни быйыл СӨ национальнай библиотеката аныгылыы технологияны туһанан, тугун да уларыппакка репринт быһыытынан «Айар» кинигэ кыһатыгар 1000 ахсаанынан таһаарда. Бу аан бастакы репринт кинигэ буолар. Выставкабыт иккис разделыгар Новгородов алпабыытынан суруллан тахсыбыт, латыынныы тылынан буквардар уонна сахалыы буквардар турдулар.
Выставка үһүс разделыгар латыынньыы тылынан суруллубут үөрэх кинигэлэрэ, бүтэһик төрдүс разделга Новгородов алпабыытынан суруллубут, о5олорго аналлаах нуучча, омук суруйааччыларын кинигэлэрэ тылбаастара турдулар. Выставкаҕа турбут бары Н. Т. Степанов аатынан түмэл сэдэх кинигэлэрэ буолаллар.
Выставканы о5олор ордук сэргээн көрдүлэр. О5олорго аналлаах тылбаас кинигэлэри, тутан-хабан көрдүлэр, аа5арга холонон көрдүлэр. О5олор үксүлэрэ ааҕан көрөн баран, сорох буукубалара английкай буукубатын майгынныыр эбит диэтилэр.
Выставка кэнниттэн о5олор санаалара:
Афанасьева Николлина: «Мин библиотека5а кэлэммин Семён Андреевич Новгородовка аналлаах выставканы көрдүм уонна онно кыттыыны ыллым. Тылбаастаммыт кинигэлэри аа5ан көрдүм, сорох кылгас тыллары аахтым, соро5ун кыайан аахпатым. Выставка олус интэриэһинэйдик ааста».
Михайлова Таисия: «Мин библиотекаҕа оскуолаҕа үөрэниэхпиттэн сылдьабын. Бүгүн С. А. Новгородовка аналлаах выставкаҕа кэлэн кытынным, былыргы кинигэлэри көрдүм. Урут «Три поросёнка» нууччалыытын аахпытым, онон бу кинигэ Новгородов алпабыытынан, тылбааһын аа5ан боруобалаан көрдүм, син ааҕар эбиппин, букваларын английскай тыл букваларыгар майгыннаттым. Үчүгэй интэриэһинэй выставка буолла».
Андросов Даниэль: «Выставкаҕа бүгүн кэлэн Новгородов Семен Андреевич туһунан элбэ5и истэн биллим. Уонна Новгородов алпабыытынан суруллубут, үөрэнэр кинигэлэри интэриэһиргээн көрдүм уонна бу выставкаҕа QR — код туруорбуттар, ону телефоммун тутаммын, ссылкатын арыйан сиһилии көрдүм уонна мантан өссө элбэ5и билиэхпин сөп эбит диэн биллим. Выставка олус интэриэһинэй биһиги хос эбэлэрбит, эһэлэрбит үөрэммит кинигэлэрин сөбүлээтим».
Чаппандатаа5ы модельнай библиотека библиотекара Тимофеева Е. С.