Ыам ыйын 18 күнүгэр дойду үрдүнэн Аан дойдутааҕы музей күнэ бэлиэтэнэр.
Музейдар урукку дьыллар уонна билиҥҥи кэм тыыннаах ситимнэрэ буолан, өйү-санааны, сиэри-майгыны иитиигэ уонна государственнай культурнай политиканы сайыннарыыга биллэр кылааттарын киллэрэллэр.
Түмэл устуоруйатыттан ахтан ааһар буоллахха, 18 үйэҕэ гректыы «Дом муз» диэн ааттаммыт туспа дьиэлээх-уоттаах түмэллэр устуоруйа хайа эрэ кэрчик кэмигэр туттулла сылдьыбыт тэрили-тээбирини,култуура, духуобунас сыаналаах малларын хомуйан, үөрэтэн, харайан кэпсиир сырдатар сыаллаах тэриллибиттэр. 19-с үйэттэн билим анаан-минээн хас биирдии экспонаты иҥэн-тоҥон үөрэтэр буолбута. Олох сайдан истэҕин аайы музей эмиэ сайдан иһэр аналлаах. Билиҥҥи сайдыылаах сыыппара үйэтигэр аан дойду түмэллэрин интернет ситиминэн киирэн, баҕарбыккын дойду араас сиригэр көрүөххэ сөп кэмэ.
Хаҥалас нэһилиэгэр В.А.Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр музей 2014 сыллаахха аһыллан нэһилиэк биир киэн туттар култуурнай миэстэтинэн буолла. Музей сэбиэдиссэйинэн опыттаах салайааччы, СӨ муниципальнай сулууспа туйгуна, Ньурба оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, историк идэлээх З. В. Анисимова үлэлиир.
Ааспыт сылга биир дойдулаахпыт, бөдөҥ общественнай-политическай деятель, СӨ Бочуоттаах олохтооҕо, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Варвара Андреевна Петрова төрөөбүтэ 85 сылыгар музей үлэһиттэрэ анал бырайыагынан элбэх тэрээһиннэри ыыппыттара, бу хайысханнан үлэлэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
2021 сыл түмүгүнэн В.А.Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр музей салайааччыта Зинаида Васильевна Анисимова СӨ Култуураҕа уонна Духуобунаска Министерствотын анал “Лучший сельский музейный работник”аатын ылан 50 тыһыынчалаах Граны ылбыта.
Быйылгы үбүлүөйдээх САССР тэриллибитэ 100 сылыгар оройуоннааҕы историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр научнай-практическай кэмпириэнсийэлэригэр З. В. Анисимова “Хаҥалас нэһилиэгин аҕа уустара” докладынан 2 степеннээх дипломунан, түмэл үлэһиттэрэ Докторов Д. И., Иванова С. А. бастакы секция призердара буолан Республиканскай конференцияҕа рекомендация ылбыттара. Кулун тутар ыйга биир үйэ кэрчигин арыйар сыаллаах түмэл үлэһиттэрэ оскуола үрдүкү кылааһын оҕолорун түмэн Үөһээ-Бүлүү-Бүлүү хайысхатынан Ороһу-Харбалаах-Бүлүү-Хохочой экспедицияҕа баран кэлбиттэрэ. Үөһээ Бүлүүгэ төлөннөөх революционер Исидор Барахов, норуодунай суруйааччы Николай Якутскай, Бүлүү куоракка П. Х. Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр музейдарыгар сылдьан, оҕолорго барыта сонун,интэриэһинэй түгэннэр этилэр. Хохочойго үрүҥнэр илиилэриттэн суорума суолламмыт 17 комсолецтарыгар анаан өйдөбүнньүк бэлиэ уурбуттара.
Нэһилиэккэ аһыллыбыт В. А. Петрова аатынан түмэл нэһилиэкпит киэн туттар ууһа Ариан Афанасьев — Уус Арыйаан кэнники сылларга дэгиттэр уус буола үүнэн таһаарыылаахтык үлэлииригэр төһүү күүс буолбута мэлдьэҕэ суох. Түмэл тиэргэнигэр тутуллубут Уус балаҕаныгар Ариан Васильевич саха төрүт дьарыгар-быһах охсорго, хомус оҥорорго оскуола оҕолорун үөрэтэн кэскиллээх үлэни ыыта сылдьар.
Нэһилиэкпит түмэлэ сайдыытыгар биир улахан көмөнү, Граннарга элбэхтик үлэлэспит, нэһилиэк историятын үйэтитиигэ дьоһуннаах үлэни ыытан кэлбит киһиннэн, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна Васильева Александра Петровна буолар.
Урукку дьыллар уорҕаларын уонна кэлэр кэм саһарҕатын ситимниир, норуоппут культуратын, историятын үйэтитэр аналлаах Хаҥалас нэһилиэгин В. А. Петрова аатынан түмэл коллективын Аан дойдутааҕы музейдар күннэринэн истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Үүнэр сүһүөх ыччакка утуму салгыыр, үтүө үгэстэри иитэр сыаллаах үлэҕит инникитин да кэскиллээх, ситиһиилээх буоларыгар баҕара хаалабыт.
Мария Николаева, Хаҥалас.