МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Сергей Степанович Васильев — Борогонскай – Күөх Ньурба киэн туттуута

Үгэс буолбут «Ньурба уоттара” тэрийэр “Ньурба көмүс күһунэ” поэтическай көрсүһүүлэригэр, күүтүүлээх ыалдьытынан кэлбит суруйааччы Дмитрий Наумов этэн турардаах: “Ньурбалар биллиилээх дьоннорун үйэтэтиигэ күүскэ туруммуттар”.
Бу улахан суолталаах уонна үрдүк сыанабыл!
Васильев Сергей Степанович-Борогонскай 115 сааьыгар анаан кинигэ быыстапката балаҕан ыйын 7 күнүгэр култуура департаменыгар буолла.


Дьэ, кырдьык, Пушкинныы даҕатан эттэххэ, бу күннэргэ төрөөбүтэ 115 сылын туолар поэт Сергей Степанович Васильев – Борогонскай бэйэтигэр бэйэтэ ууннан да суураллыбат, сүгэннэн да суоруллубат үйэлэргэ умнуллубат үтүө аатын Ньурба дьонугар хаалларбыта. Кэнники көлүөнэ, махталлаах Ньурбалар, Сергей Васильев аатын кини бэйэтэ көҕүлээн туттарбыт пааркатыгар иҥэрэн, үйэтитэн, чахчы да умнуллубат Аат буолла.


«Якутия — миру» I норуоттар икки ардыларынааҕы этнофестиваль тэрээһиннэрин иһинэн П.А.Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын чилиэнэ. государственнай, общественнай деятель, биллиилээх суруйааччы, поэт, публицист Сергей Васильев Борогонскай үбүлүөйүгэр тэриллибит кинигэ быыстапкатын аһыллыытыгар, поэт биир дойдулааҕа Агафья Ивановна Сивцева – Дүпсүүнэ Россия журналистарын союһун чилиэнэ, суруналыыс, хоһоонньут, поэтесса Саргылана Гольдерова — Саргылана Куо ыалдьыттаан, сүргэбитин көтөхтүлэр.
Дүпсүүнэ Ньурбаларга махтанан уоттаах — төлөннөөх тыллары эппитин кэннэ “Ньурба уоттара” түмсүү көхтөөх, сэргэх ааҕааччыта, кыттыылааҕа, педагогическай үлэ ветерана, СР Үөрэҕириитин уонна социальнай сулууспатын туйгуна Валентина Давыдовна Федорова кылгастык поэт Ньурбаҕа олорбут сылларыгар үлэтин – хамнаһын, олоҕун олуктарын киһи кэрэхсиир уонна сонургуур гына сэһэргээтэ. Журналист быһыытынан, Дүпсүүнэ, бэйэтэ бэлиэтэммитин хаһыатыгар таһаарыах буолла. Оттон Гольдерова Саргылана – Куо: “Наһаа үчүгэйдик кэпсээтиҥ. Билбэтэхпитин билэн бардыбыт” диэн Валентина Давыдовна сэһэргээбитин улаханнык сэргээбитин биллэрдэ.
Бу умнуллубат тэрээһиҥҥэ Валентина Давыдовна С.С.Васильев – Борогонскай хоһооннорун нуучча поэттара тылбаастаабыттарын, оннооҕор Сергей Есенин хоһоонноругар холуур, өссө оннооҕор да ордуктарын булан, 80 сылларга Хаҥалас орто оскуолатын дириэктэрэ Ефим Васильевич Спиридонов бэлиэтээн турардаах. Манан даҕатан эттэххэ ити айымньылара, 60-с сыллартан ыла олох хаамыытын быһыытынан, поэзияҕа саҥа сүүрээннэр киирэн барбыттарынан арыый да умнулла майгыннаабыттара. 2007 сыллаахха эрэ айымньыларын хомуурунньугун үс туома тахсыбыта (“Бичик”кинигэ издательствота).


Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ анаан Чаппандатааҕы литературнай фольклорнай түмэли төрүттээчи, тэрийээччи, энтузиаст фольклоры хомуйааччы Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ Степанов Николай Тарасович хаартыскаттан көрөн Сергей Васильев кинигэ тутуурдаах Бүлүү биэрэгин устун хааман иһэрин ойуулаабыт улахан хартыыната быыстапкаҕа туруоруллан, көрсүһүү кыттыылаахтара Сергей Васильев саҕанааҕы эйгэ туругар киирэн олордулар. Түмэл билиҥҥи салайааччыта Сидорова Татьяна Дмитриевна сэдэх кинигэлэрин, Дьиикимдэ бибилэтиэкэрэ Светлана Никандровна Павлова библиографическай указателин, С.С. Васильев тутта сылдьыбыт чернильницатын, үрдүк салалтаттан ылбыт бэлиэ суруктара, ол саҕанааҕы түспүт эргэ хаартыскалара көрсүһүүнү олус суолталаата. Эбиитин ырыаһыт Анатолий Захаров Сергей Васильев – Борогонскай хоһоонугар «Киэҥ Ньурба» диэн ырыаны толорон, «Ньурба биэрэгэр» хоһоону кииннэммит бибилэтиэкэ улэһиттэрэ истиҥник ааҕан, Антоновка орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Василий Егоров. (Сал. ФедороваТамара Федоровна) Сергей Васильев суруйбут «Батастаан Баатыр» олонхотуттан быһа тардан толоруута эйгэбитин өссө кэҥэттилэр.
Дьэ, ити ырыаҕа да ылланарын курдук, Сергей Степанович Ньурба дьонун, ыччатын кытта ыксары доҕордоспута. Олус сөҕөрө үлэһиттэрэ бэрт саҥаны ылынарга куруук бэлэмнэр диэн. Инньэ гынан үлэннэн ситимнэһэн, сүбэлэһэн, Ньурбаҕа Саха сиригэр ханна да суох сынньалаҥ Пааркатын көҕүлээн туттарбыта. Маһын ойууртан кыһыл илиилэринэн кэрдэн, суоран, эт санныларынан сүгэн — көтөҕөн киллэрэн, икки-үс сыл иһигэр социальнай обьектары: балыыһаны,1 номердээх оскуоланы, библиотеканы туттаран үлэҕэ киллэртээбитэ
Паарканы оруобуна ыһыахха бүтэрэн, аһыллыытын оҥорбуттар. Бу иннинэ Ньурбаҕа суох көстүүлээх тутуу буолан биэрбит. Ол курдук, пааркаҕа киирэргэ хаһан да харахтааабатах Ааркалара, тула өттүттэн үрдук штакетник олбуор, хаҥас өттугэр үлэ кэнниттэн оонньуур спортивнай площадка, уҥа өттүгэр атахха турар үрдүк танцплощадка баалларын көрөн сөҕуу бөҕөнү сөҕөн иһэн, аны пааркаларын устун барар аллея икки өттүттэн яблонялар үүммуттэрин көрөн олох да саҥаларыттан маппыттар. Бэл, биир ыалдьыт, нуучча киһитэ сөҕөн, «Как, у вас ещё и яблони растут в таком суровом краю?» диэбит үһү.
Онтон кэлин билбиттэрэ тыа дьонун көҕүлээн, сымыыт мунньан, иһинээҕитин сүөкээн, таһын яблоко курдук ойуулаан, хатыҥ лабаатын аайы иилэтэлээбиттэр эбит.
Паарка ол саҕана культурно-досуговой эрэ суолталаах буолбакка, Ньурба ыччата манна көрсүһэн, дьоллорун булан, оҕо-уруу төрөтөн, өссө демографическэй оруолламмыта.


Поэкка, общественнай деятельга, оройуоммутун улахан салайааччы быһыытынан таһымнаах сайдыы кэрдииһигэр үктэннэрбит үтүөтүгэр, анал үчүгэй оҥоһуулаах – таһаалаах Ньурба айылҕатын, пааркатын поэт тылбаастаммыт хоһооннорун киллэрэн туран, «Ньурба биэрэгэр» хомуурунньугун саҥа формааттаах (глянцевай сурунаал,альбом,) саҥаттан таһааран саҥа эдэр көлүөнэ ааҕааччыга бэлэх уунуох тустаахпыт диэн Валентина Давыдовна этии киллэрдэ.
Оччоҕуна эрэ, аныгы көлүөнэ дьон, Уус Алдантан төрүттээх 25 эрэ саастааҕар оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананан кэлбит эдэр киһи, биһиги Ньурбабытын бүтүн Саха сиригэр “Күөх Ньурба” диэн аатынан биллэрбит поэт, общественнай деятель С.С.Васильев — Борогонскай буоларын биһиги, Күөх Ньурба дьоно киэн туттуубут буоларын чиҥник өйдүөх кэриҥнээхпит!