Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Малдьаҕар нэһилиэгин Никииппэр Сэмиэнэп аатынан норуот айымньытын киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаhын күнүгэр аналлаах улахан суолталаах тэрээһин буолан ааста. Бу күн Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар «У истоков якутской государственности» диэн Россия Президенин Гранын ылбыт бырайыак чэрчитинэн, саргылаах саҥа олох иһин сырдык тыыннарын толук уурбут, Ɵрѳспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбит биһиги биир дойдулаахтарбыт ини-бии Донускуойдар олохторун, үлэлэрин туһунан «Два наркома из одной семьи» диэн кинигэтэ сүрэхтэннэ. Залга мустубут дьон бука бары сүhүѳхтэригэр туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыатын доҕуһуолугар СƟ былааҕа киириитин көрсүүтүнэн саҕаланна. Нэһилиэк түөлбэлэрин ыккардыгар Саха АССР 100 сылыгар аналлаах оҥоһуктар выставкалара тэрилиннэ. «Малдьаҕар нэһилиэгэ» МТ Аҕа баһылыгын солбуйааччы Виктор Викторович Афанасьев эҕэрдэ тылын эттэ уонна СƟ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын депутата Григорьева А.А. аатыттан Бочуотунай грамота Ини-бии Донскойдар ааттарынан түмэл салайааччытыгар Саввинова Т.А.; Ньурба оройуонун Аҕа Баһылыгын аатыттан Бочуотунай грамоталары «Чуораанчык» ОСК сэбиэдиссэйигэр Иванова Т.В., ОСК старшай иитээччитигэр Кононова М.В., ОСК улахан бөлөх иитээччитигэр Попова Н.Н., нэһилиэк бибилэтиэкэригэр Иванова Е.Н, Ини-бии Донскойдар ааттарынан түмэл салайааччытыгар Саввинова Т.А.; «Малдьаҕар нэһилиэгэ» МТ Аҕа баһылыгын аатыттан Бочуотунай грамоталарын «Чуораанчык» ОСК музукальнай салайааччытыгар Ушканова О.С. уонна иитээччи көмөлөһөөччүтүгэр Тимофеева Е.Е. туттартаата. «Чуораанчык» ОСК сэбиэдиссэйэ Таисия Васильевна өр кэмҥэ оҕо саадын хаһаайыстыбаннай чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Малдьаҕар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Саввинова Марина Николаевна аатыттан оҕолоро сылын аайы оҕо уһуйаанын техүлэһиттэригэр олохтообут 5000 сууммалаах бириэмийэлэрин Кононова Алевтина Афанасьевнаҕа туттарда. Ону сэргэ, үлэлээн ааспыт бэтэрээннэригэр ОСК аатыттан сэмэй бэлэхтэрин туттартаата.
«Два наркома из одной семьи» диэн кинигэ сүрэхтэниитин Малдьаҕар модельнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ Иванова Елена Никоновна салайан ыытта. Кинигэ сүрүн автора ини-бии Донскойдар ааттарынан музей сэбиэдиссэйэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Афанасьевна кинигэ туһунан сиһилии билиһиннэрдэ, ини-бии Донскойдар олохторун, үлэлэрин туһунан кэпсээтэ. Бу кинигэҕэ икки ыстатыйата киирбит, сүбэ-ама буолбут Ытык киһибит, кыраайы үѳрэтээччи, СƟ үтүөлээх учуутала, Ньурба оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо Данилов Николай Дмитриевич кинигэ туhунан санааларын уонна Донскойдар тустарынан тыл эттэ. Ини-бии Донускуойдары үйэтитии аан бастаан биhиги биир дойдулаахтарбыт, Донускуойдар чугас аймахтара буойун, суруналыыс, учуонай — Феодосий Семенович Донской уонна улахан суруналыыс — Николаев Дмитрий Николаевич кѳҕүлээhиннэринэн РФ Сенатора Александр Константинович Акимов 2003 сыллаахха СƟ Вице-президенинэн үлэлии олорон, улахан Сэмэн Донускуой 110 сылыгар анаан, гумманитарнай чинчийии институтун учуонайдарыгар уонна Архив үлэhиттэригэр ини-бии Донскойдар тустарынан чинчийии үлэтин ыыталларыгар, Малдьаҕарга кинилэр ааттарынан түмэл аhылларыгар уо.да а. Дьаhаллары таhаарбыта. Ол кэмҥэ Малдьаҕар оскуолатыгар директорынан үлэлии олорбут Татьяна Прокопьевна Иванова Донскуойдар тѳрѳѳбүт дьиэлэригэр Түмэл олохтообута. Дьэ, ол сылтан саҕалаан, Татьяна Афанасьевна, туох баар ѳйүн-санаатын түмэн, сылайарын-элэйэрин аахсыбакка түүннэри-күнүстэри ис дууhатыттан үлэлээн, нэhилиэк баай ис историятын, ол иһигэр Аҕа уустарынан төрүччүлэрин оҥортоон үйэтитэн, тугунан да сыаналаммат сүҥкэн кылааты оҥорбута. Онон биһиги нэһилиэк олохтоохторо киниэхэ махталбыт муҥура суох. Кэлин 5 сыл иһигэр Национальнай Архыыпка үлэлээн, түмэл матырыйаалларын дьиҥнээх Архыып докумуоннарынан байытан, бигэргэтэн үс кинигэни таhааттарда: «Ньурба Малдьаҕара ааспыт үйэлэргэ», «С юбилеем родная школа» уонна бу «Два наркома из одной семьи». Дьэ, бу кинигэҕэ ини-бии Донускуойдар олохторун чинчийбит НА Гумманитарнай чинчийии институтун учуонайдара, историческай наука кандидаттара Е.П. Антонов, Л.Н.Винокурова, П.П. Петров-Хардыы, Национальнай Архыып директора П.В.Румянцев, национальнай архыып филиалын отделын сэбиэдиссэйэ Н.С.Степанова, докумуоннары туһаныы отдел начальнига П.И.Корякин, Горнай, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Э.Ф. Данилов уо.д.а.ыстатыйалара киирдилэр; Саха национальнай архыыбын уонна кини филиалын матырыйаалларыгар олоҕурбут Донускуойдар үлэлээн ааспыт кэмнэригэр дьаһалларын, докумуоннарын музей фондатыттан, «Автономная Якутия» хаһыакка 1922-1924 сыллааҕыга бэчээттэппит наркомнар дьаһалларын, Донской С.Н. –II суруйбут ыстатыйалара киирбиттэрэ; Донскойдар удьуордарыттан тахсыбыт биллиилээх дьоннорун, чугас аймахтарын уонна Бырааттыы Донскойдарга туох үйэтитии үлэлэрэ оҥоhуллубуттарын, ыытылла сылдьалларын туhунан сурулунна. Бу кинигэ «Сайдам» кинигэ издательствотыгар 200 экземлярынан Ньурба оройуонун Дьаһалтатын уонна Строй Импульс генеральнай директора Софронов Андрей Яковлевич үбүлээhиннэринэн бэчээттэнэн таҕыста. Ити 200 экземлээртэн бэйэбитигэр 30 кинигэ тиксибитин туһааннаах дьоннорбутугар, Донскойдар хаан-уруу аймахтарыгар эрэ түҥэтиллибитэ. Кинигэни туппут дьоннор олус сөбүлээбиттэрэ, астыммыттара. Ордук күүскэ үөрбүт дьоннорунан чугас аймахтара буоллулар. Онон бу кинигэбит сүрэхтэниитин күнүгэр, кинигэни кытта сиhилии билсибит, аахпыт дьоннор санааларын, эҕэрдэлэрин (эрдэ видеоннан устан ыыппыттарын) улахан экран нөҥүө көрөөччүлэри кытта үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Ол курдук, Ньурбаттан К.Д.Уткин аатынан Норуоттар доҕордоhуулара түмэл билим салаатын салайааччыта — Борисов Борис Борисович; Челябинскай уобалас Маис куоратыттан космонавтикаҕауонна баллистическай ракеталарга инженер — конструктор Донской Дмитрий Емельянович — II — кэргэнэ Донская Лилия Михайловна; Дьокуускайтан экономическэй наука кандидата, СӨ СО РАН үтүөлээх бэтэрээнэ — Донской Роберт Ильич; Дьокуускайтан философскай наука доктора, физико-математическай наука кандидата, РФ үөрэхтээһин Министиэристибэтин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, ХИФУ философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ -Саввинов Андрей Саввич; Мэҥэ-Хаҥаластан Ини бии Донскойдар бииргэ тѳрѳѳбүт эдьиийдэрин сиэнэ – СӨ үтүөлээх тутааччыта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо — Егоров Петр Петрович уонна кини кэргэнэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар Учууталлара — Егорова Галина Васильевна; Нам улууһуттан Ини бии Донскойдар бииргэ тѳрѳѳбүт эдьиийдэрин сиэнэ – Нуучча тылын уонна литературатын учуутала Охлопкова Людмила Сергеевна; Москваттан Феодосий Семенович Донской кыыhа – художник-дизайнер Донская Сардана Феодосьевна уонна кини уола Ф.С. Донской сиэнэ – Ячменев Феодосий. Бу дьон бары олус истиҥ махтал, эҕэрдэ тыллара, кинигэҕэ сыанабыллара бу кинигэ суолтатын өссө үрдэттилэр, тэрээһиммит ис хоһоонун байытан биэрдилэр.
Түмүккэ бу кинигэни таҥан оҥорооччуларга Т.А. Саввиноваҕа уонна Е.Н. Ивановаҕа олохтоох Дьаһалта Баһылыгын солбуйааччы Афанасьев Виктор Викторович, «Чуораанчык» ОСК сэбиэдиссэйэ Иванова Таисия Васильевна уонна «Алаһа» эбээлэр кулууптарын бэрэсэдээтэлэ, социальнай үлэһит Афанасьева Надежда Маихайловна эҕэрдэ, махтал тылларын анаатылар, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.
Улахан махталбытын тиэрдиэхпитин баҕарабыт улуус баhылыгар Иннокентьев Алексей Михайловичка уонна бу кинигэ тахсыытыгар сүүрбүт-кѳппүт, кыhамньыларын уурбут Оройуоннааҕы Сүбэ мунньаҕын бэрэсэдээтэлигэр Евсеев Сергей Ивановичка, оройуоннааҕы пенсионнай управления начальнигар Моисеев Владимир Степановичка, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министеристибэтигэр үөрэххэ, иитиигэ, эбии үөрэхтээһиҥҥэ Сударыстыбаннай политика департаменын отделын специалиһигэр Татьяна Прокопьевна Ивановаҕа уонна экономическай наука кандидата, ССРС Сибиирдээҕи наука академиятын ветерана, тыыл ветерана Роберт Ильич Донскойга, бу кинигэҕэ киирбит докумуоннары булууга төһүү күүс буолбут дьоммутугар 2011-2019 сылларга Малдьаҕар нэһилиэгэр Баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт Никита Афанасьевич Ивановка, Донской С.Н.- I туһунан эбии матырыйаалларынан көмөлөспүт Тыа хаһаайыстыбатын министирин солбуйааччы Александров Артем Александровичка, Саха республикатын үтүөлээх учууталыгар, Ньурба оройуонун Бочуоттаах олохтооҕор Данилов Николай Дмитриевичка. Бэлиэтиэхпин баҕарабын бу Алексей Михайлович оройуонтан тахсыбыт улахан историческай личностары, судаарыстыбаннай деятеллэри үйэтитиигэ улахан болҕомтотун уурда. Аҥардас биһиги нэһилиэккэ оройуон Дьаhалтатын үбүлээhининэн, музейбыт ремоннаммыта, Н.Д. Данилов «Сахалыы саҥа сатарыы турдун», «Бастакы суолу солообуттар» уонна бу «Два наркома из одной семьи» диэн кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ. Бу барыта үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, духовнай баайын сайыннарыыга тѳhүү күүс буолар. Ини – бии Донскойдар Саха норуотун туhугар, үөрэхтээх, сайдыылаах буоларын туһугар анаабыт чаҕылхай олохторо, үтүѳ холобурдара үүнэр кѳлүѳнэҕэ үйэлээх эркээйи буолан, кэскиллээх суолга мэлдьи ыҥыра, угуйа туруохтара.
Елена ИВАНОВА
Балаҕан ыйа, 2022 сыл
Тэрээһин туһунан санаалары бу ссылканан киирэн көрүөххүтүн сөп: көр.