Оҕо да эрдэххэ, эдэр да сааска, баараҕадыйар да кэмҥэ, кырдьан сорсуйар да сахха, Ийэ барахсан кэккэлэһэ сылдьара, тустаах киһиэхэ — улуу дьол.
Б. Н. Попов, философия доктара.
Күндү ааҕааччыларбыт!
Быйылгы 2022 сыл Сахабыт сиригэр Ийэ сылынан биллэриллибитэ. Ийэ диэн ытык өйдөбүл саха киһитигэр олус дириҥ суолталаах. СӨ бастакы президенэ Михаил Николаев Ыйааҕынан, 1993 сылтан алтынньы ый үһүс өрөбүлүгэр алаһа дьиэбитин араҥаччылыыр, сылаас сырдык санаатынан барыбытын угуттуур күн күбэй ийэлэрбитигэр махтанан, сүгүрүйэн ааһар ытык күммүт. Ол эбэтэр Сахабыт сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр.
Ийэ. Ийэ барахсан… Бу тылга оҕо саас, төрөөбүт-үөскээбит дьиэ-уот, муҥура биллибэт итии, сылаас таптал илгийэргэ дылы. Олоххо ханнык да быһылааҥҥа тубэһиҥ, сороҕор сыыһа-халты да туттуҥ, ийэ барахсан сырдык ыраас харахтара, сымнаҕас илиилэрэ, эйэ5эс тыллара куруутун эйигин араҥаччылыы сылдьыахтара.
Саха биллэр суруйааччылара, поэттара бэйэлэрин айымньыларыгар ийэҕэ тапталы өрө тутан, кинилэргэ сүгүрүйэн, иэйэн-куойан туойбут, ааҕааччыны долгутардыы, умсугутардыы суруйбуттара хайа да кэмҥэ кэрэхсэтэ туруохтара.
Саха норуотун киэн туттар суруйааччыта, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи П. А. Ойуунускай ийэтигэр анаабыт «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуо5ар» — диэн хоһоонугар, саамай күндү киһитин — ийэтин уҥуоҕар кэлэн туран, маннык киһи уйулҕатын хамсатар долгутар тыллары хоһуйан эппитэ:
… Бу күнү көрдөрбут, ийэкэм бырастыы!
Эн буоруҥ үрдүгэр кэриэспин этэбин
Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин
Бу ийэм сытаахтыыр, кэриэс буор бырастыы!
Саха народнай суруйааччыта Амма Аччыгыйа куоракка үөрэнэ сылдьан, ийэтин ахтан, «Ийэ» диэн хоһоону суруйбут. Бу хоһоон саха тыллаах, саха санаалаах баарын тухары суолтата сүтүө суоҕа. Кини бу хоһоонугар ийэтинэн сирэйдээн оччотооҕу саха ыалын, саха дьахтарын-ийэтин олоҕун-дьаһаҕын табан дьүһүйбүт эбит:
Ычах кыра буоламмын,
Ытанньах муҥнаах эрдэхпинэ,
Ыллаан-туойан саататара,
Ырыган тобугар олордоро…
Тымныыттан күрэтэн,
Тырыттыбыт
Ырбаахынан үллүйэрэ… Маны сэргэ Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар Микиитэлээх Өлөксөй ийэлэрэ Сөдүөччүйэннэн сирэйдээн, саха дьахтарын, ийэни уобарастаан көрдөрбүтэ.
Саха народнай суруйааччыта, ытык киһибит Суорун Омоллоон «Сайсары» драмата — саха дьахтарын дьиҥнээх символа. Онтон драматург Степан Ефремов «Ини-бии» драматыгар ийэ оруола Балбаара олус итэҕэтиилээх уобарас. Кини икки уола төһө да бэйэ-бэйэлэрин утарыта турар былаас саллааттара буолбуттарын да иһин, ийэ сүрэҕэр иккиэн биирдэр, иккиэннэрин тустарыгар сүрэҕэ кыланар, эрэйи көрөр.
Саха дьахтара таҥаралаах дииллэр. Ол кини олоххо тардыһыытын күүһэ дириҥиттэн буолуо. Кыыс дьахтар анала — оҕо төрөтүү, ийэ буолуу дьоло. Народнай поэт Иван Гоголев эппитинии, «ийэлэр баалларын тухары, бааллар сир үрдүгэр биһиктэр».
Биир
дойдулаахпыт поэт Клара Васильева хоһоонноругар ийэтигэр сүгүрүйэрин тапталын билинэр тыллар элбэхтэр, истиҥнэр. «Ийэ күнэ» хоһоонугар ийэ күнүн уруйдаан маннык суруйбуттааҕа:
Дьыбар тахсар халлаанын
Кыталыгын санатан,
Дьахтар хатан дьылҕатын
Кылыһаҕын ыллатан
Ийэ күнэ, мичээрдээ,
Иэйии буолан, күлүмнээ!
Саха омук түӊ былыргыттан ийэни ытыктыырын сүтэрбэккэ илдьэ кэлбит. Тыл учуонайа Багдарыын Сүлбэ «Ыал ийэтинэн» — диэн кинигэтигэр сахалар олоро сылдьыбыт сирдэрин-уоттарын, олохторун таптаан, ытыктаан, ийэ, эбэ, дьахтар аатынан ааттыыллар диэн суруйбута.
Саха норуодунай суруйааччыта Наталья Харлампьева дьахтар күн сиригэр төрөтөр эрэ күүс буолбатаҕын, кинини өссө ийэ буолуу дьоло уонна эрэйэ күүтэрин, сүрдээх дьоһуннаахтык уонна муударайдык: «Ийэ дэнэр үрдүк ааты оҕону төрөтөөт да иҥэриммэккин. Күн аайы, чаас аайы, олоҕуҥ устатын тухары ити үрдүк ааты дакаастаһар наада курдук. Дьахтарга итинтэн ордук умсугутуулаах, дьоһун уонна дуоһуйууну биэрэр үлэ суохха дылы» — диэн суруйбута.
СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биир дойдулаахпыт, бэйэтэ эмиэ ураты куоластаах поэтесса Галина Томская — Айыына кимиэхэ да маарыннаабаттыы, бэрт уратытык, ийэтин туһунан:
Билигин аһына көрөбүн
Сиэнин хонноҕун аннынан сылдьан,
Бүөбэйдии сатыыр ийэбин.
Кинини хайа да оҕобунааҕар
Халатытыахпын баҕарабын
Ийэбэр ийэ курдук сананабын — диэн.
Бүгүн түгэнинэн туһанан, күндү ийэлэри, эйэҕэс эбээлэри саамай сырдык, ураты бырааһынныгынан — Ийэ күнүнэн истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит, аан дойдуга баар бары үтүө тылы, иһирэх санааны анаан, дойду үрдүнэн буола турар тыҥааһыннаах күннэр ийэлэр харахтарын уутун тохпотун диэн олус баҕаран туран, поэт маннык тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын:
Хомойон, хоргутан, кэлэйэн кэмсинэн
Хаһан да ытаабат буоллуннар, Ийэлэр,
Олохтон үөрүүнү, оҕоттон мичээри
Күн ахсын, чаас аайы көрдүннэр, Ийэлэр!
Мария Николаева, библиотекарь.