Бу күн икки сыл, хамсык ыарыы мэһэйдээн, көрсүбэтэх кырдьаҕастарбытыгар тиийдибит. Рея Петровна бырайыагынан 2018 сылтан Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин кытта ыкса үлэлиибит.
Физкультурнай хамсааһын күнүн бэлиэтээн көрсүһүүбүтүн физзарядканан саҕалаатыбыт. Салҕыы уһун үйэлэнии кистэлэҥнэрэ бэсиэдэни интириэһиргээн иһиттилэр. Рея Петровна Хорулаттан төрүттээх «Үйэ саас бэлиэлээх», 100 саастарын куоһура олорбут ытык ийэлэр М. Л. Николаева (106), В. В. Михайлова (100), М. Ф. Иванова (103) тустарынан сэһэнэ олус интириэһинэй. Кырдьаҕастарбытыгар сарсыарда уһуктаат эти-хааны чэбдигирдии хамсаныыларын күннэтэ тутталларыгар үөрэттибит.
Икки сыл көрсүбэтэх кырдьаҕастар күүскэ ахтыбыттарын бэлиэтэ, өссө тугу эмит кэпсии түһүҥ, диэн долгуттулар. Сотору кэминэн, тиийиэх, кыанар өттүлэрэ библиотекабытыгар кэлэ сылдьыах буолан араҕыстыбыт.
Ааҕааччыны кытта үлэ салаата.