МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Маалыкайга – сэргэхтик “сомоҕолостулар”

Сэтинньи ый 3 күнүгэр Маалыкайга Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр аналлаах бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Олохтоох модельнай библиотека уонна Ст. Васильев аатынан устуоруйаны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ кыттыһан түмэл дьиэтигэр нэһилиэкпит араас уопсастыбаннай тэрилтэлэрин уонна түмсүүлэрин икки ардыларыгар сынньалаҥ киэһэтин тэрийдилэр.

Иккилии киһилээх алта хамаанда кытынна. Ол курдук, “Ситим” эдэр ыччат, “Иэйиэхсит” аҕам саастаахтар, “Бордоҥ Боотурдара” эр дьон, “Ньургуһун” дьахталлар, “Отонньуттар” уонна “Аартык” диэн литературнай түмсүүлэр күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ үс киһи үлэлээтэ, тэрээһини иилээн-саҕалаан Ст. Васильев аатынан түмэл директора Александр Егоров ыытта.
Тэрийээччилэр олус бэрт күрэҕи толкуйдаабыттар, ону бүтэһигэр бары эттилэр. Кыттааччылар да, ыалдьааччылар да, дьүүллүүр сүбэ даҕаны. Ол курдук күрэхпит 6 түһүмэхтэн турар этэ.
Биллэрин курдук, бастакы түһүмэх бэйэни билиһиннэрии буолла. Сорох хамаанда аныгы үйэ сиэринэн видео презентациялаах, аҕам саастаахтар сахалыы-махалыы тылларынан эрэ сэһэргээтилэр, “Отонньуттар” сир аһыттан барыанньа арааһын, “Аартыктар” кинигэлэрин аҕалан, хоһоонунан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Онтон интеллектуальнай тургутук-викторина, араас омуктар көстүүмнэрин, ырыаларын билиигэ түһүмэхтэр буоллулар. Ону таһынан түмэл толкуйдаабыт олус интэриэһинэй таабырына, бүтэһиккэ араас омук аһын дьиэҕэ астаан аҕалан көмүскээһин буолла. Ол курдук бурятскай буузы, осетинскэй бөрүөк, узбекскэй плов, киевтии кэтилиэт, таджикскэй самса, татарскай чак-чак астанан кэлбит.

Манна эр дьон хамаандатын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кинилэр олус минньигэс осетинскай бөрүөгү астаан аҕалбыттарын таһынан, наһаа үчүгэйдик технологиятын быһаарбыттара. Өссө баар киһиэхэ барытыгар QR-кодтаах рецебин бэлэхтээтилэр .Онно эбэн кэбис Кэрэ эйгэ оскуолатын директора Афанасий Потапов артыыс талаанын, дьээбэтин.
“Отонньуттар” таджик омук көстүүмүн кэтэн, омуктуу эҕэрдэлээтилэр. Самсаларын таһынан ол омук кофетын буһаран аҕалбыттар.

Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр олохтоох библиотека үлэһитэ Яна Ушканова көрөөччүлэргэ анаан араас оонньууну ыытта, тутатына бириис биэртэлээтэ.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 1 миэстэни уонна 3-түү тыһыынча солкуобайдаах сертификаттары 44 баллаах “Аартык” хамаандатыгар, 2 миэстэни уонна 2,5 тыһыынча солкуобайдаах сертификаттары 41 баллаах “Ньургуһун” хамаандатыгар, 3 миэстэни уонна 2-лии тыһыынча солкуобайдаах сертификаттары 39 баллаах “Отонньуттар” ылан үөрдүлэр-көттүлэр. “Бордоҥ Боотурдара”, “Иэйиэхсит”, “Ситим” хамаандалара 1-дии тыһыынча солкуобайдаах сертификаттары туттулар.
Уопсай хаартыскаҕа түһүү кэнниттэн баай астаах сандалы тула ирэ-хоро кэпсэтэн, араас омук аһын таһынан тэрийээччилэр астаан бэлэмнээбит сахалыы астарын астына амсайдыбыт.

Ити курдук нэһилиэк общественнай тэрилтэлэрэ түмсэммит үлэбитин-хамнаспытын көрдөрөн, кэпсэтэн, бары биир дьыалаҕа – нэһилиэкпит олоҕо туруктаах буоларыгар биир сомоҕо буоларбыт наадатын өссө төгүл өйдөөн, тэрийээччилэрбитигэр махтанан дьиэбитигэр тарҕастыбыт.

САРГЫЛААНА СТРУЧКОВА,
МААЛЫКАЙ.