Бүгүн, о.э. сэтинньи 23 күнүгэр Д. С. Жиркова аатынан норуот айымньытын уонна спорт киинигэр Саха АССР 100, биир дойдулаахпыт, биллиилээх революционерка Д. С. Жиркова төрөөбүтэ 120 сылларыгар аналлаах ‘‘УЛУУ ДЬОН УЛУУ ДЬЫАЛАЛАРА» улуустааҕы НПК буолан ааста.
Кэмпириэнсийэҕэ уопсайа түөрт нэһилиэктэн 16 үөрэнээччи кытынна. Дьүүллүүр Сүбэҕэ Ньурба библиотекатын методиһа Ирина Ивановна Павлова »Дьаархан нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччыта Мария Кимовна Никифорова, олохтоох оскуолаттан Надежда Николаевна Михайлова үлэлээтилэр.
Күрэскэ кыттааччылар үс бөлөххө арахсан темаларын арыйдылар. Оҕолор наукаҕа бастакы хардыыларын бэрт сэргэхтик саҕалаатылар, бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Научнай чинчийиилэрин бары быраабылаҕа тутуһан оҥорбуттар.
Түмүккэ бастакы бөлөххө 3 м Акана оскуолатын 3 кыл. үөрэнээччитэ Мигалкина Уйгууна, 2 м Хорула оскуолатын 4 кыл үөрэнээччилэрэ Алексеев Эльдар, Осипов Эрсан, 1 м Хорулаттан 4 кыл үөрэнээччитэ Иванов Ярослав буоллулар. Иккис бөлөххө 3 м Дьаархан оскуолатын 5 кыл үөрэнээччитэ Григорьева Сайаана, 2 м Киров оскуолатын 7 кыл үөрэнээччитэ Янкова Саина, 1 м Дьаархантан 5 кыл үөрэнээччитэ Аланаева Женя буоллулар. Үһүс бөлөххө үс оҕо (Николаева Иванна, Торохов Виктор, Яковлева Уйгулаана 9-10 кыл) Аканаттан кыттаннар үс миэстэни үллэһиннилэр. Ону таһынан кыттыбыт оҕолор бары биһирэбил бириискэ тиксэн, туоһу сурук тутан дуоһуйан, үөрэн бардылар.
Кыайыылаахтар грамотанан, бирииһинэн наҕараадаланнылар. Бириистэри туруорбут бары тэрилтэлэргэ, салайааччыларга (Олохтоох дьаһалта, Ньурба үөрэҕэриитин тэрилтэтэ, Ньурба кииннэммит библиотеката, олохтоох оскуола) махталбытын тириэрдэбит.
Кэлэр кэнчээри ыччаппыт улуу Өксөкүлээх эппитинии »Нуучча ньургунун кытта туруулаһар доҕор, саха талыытын кытта самдайдаһар атас, үрдүк үөрэхтэри кытта өйөнсөр, бэрт мэйиилээхтэри кытта тэҥнэһэр» дьон буолуохтара диэн эрэнэ хаалабыт.
Ноговицын В. А.