Хомус былыргыттан тиийэн кэлбит саха норуотун музыкальнай инструмена буолар. Чаппанда нэһилиэгэ элбэх олоҥхоһуттар, норуот ырыаһыттара үөскээн-төрөөн олорон ааспыт ытык сирдэрэ. Ол эрэн саха төрүт музыката хомус, сэбиэскэй кэмҥэ улаханнык өрө тутуллубакка умнууга сылдьыбыта көстер.
Төһө да хомуска үөрэтэр хомусчуттар суох да буоллаллар, нэһилиэк-нэһилиэк аайы биирдиилээн хомуска баҕа өттүлэринэн оонньуур дьоннор бааллара биллэр.
Анна Дмитриевна Михайлова
Биһиги нэһилиэктэн биир оннук энтузиаст тойуксут, хомусчут Анна Дмитриевна Михайлова буолар. Анна Дмитриевна 1929 сыллаахха Омолдоон нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Сэрии аас-туор сылларын ааһан, эдэр эрдэҕиттэн сопхуоска, холкуоска араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Кэлин Чаппанда участковай балыыһатыгар санитарканан, поварынан үтүө суобастаахтык пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ.
Эдэр эрдэҕиттэн оһуокайы, тойугу истэрин сөбүлүүр. Чаппанда самодеятельноһын биир, тутаах хомусчута . Кэнсиэртэргэ куруук кыттан иһэр. Ыһыах буолла эрэ хомуһун туппутунан, ыһыах түһүлгэтин көтүппэт, күрэхтэргэ кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксэр этэ. Урукку кэмҥэ кулууп үлэһиттэрэ нэһилиэктэри кэрийэн, гастрольга элбэхтик сылдьаллара, онно Анна Дмитриевна барытыгар кыттан, барсан иһэрэ.
Зинаида Саввична этэринэн «Анна Дмитриевна дьиҥ былыргылыы, сыыйан тардар, хомус төрүт дорҕоонун илдьэ сылдьар, ытык кырдьаҕас»,- эбит. Хомойуох иһин биир да сиэн, хос сиэн хомуска сыстыбатаҕа. Эдьиийинээн Евдокия Дмитриевналыын элбэх оҕону ииппиттэрэ, аймахтарын, доҕотторун оҕолорун көрөн-харайан улаатыннарбыттара. 1 кыыс о5олоох, 3 сиэннээх, 8 хос сиэннээх. Бары үтүө үлэһит дьон бастыҥа, элбэх ыччаты тэнитэн олороллор.
Кэлин сааһыран баран Антоновкаҕа көһөн олорбута. Манна эмиэ кыанарын тухары эбээлэр түмсүүлэригэр сылдьан, хомустаан, туойан кэнсиэртэри көтүппэккэ араас тэрээһиннэргэ мэлдьи кыттыһа турара.
Гуляева Мария Павловна
Мария Павловна Гуляева кулун тутар 30 күнүгэр 1955 сыллаахха Ньурбачаан нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Дьокуускай куоракка ветеринар идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Куоракка студенныы сылдьан, 1975 сыллаахха, хомус атыылаһан баран, бэйэтэ хомус тардарга үөрэммит. Ол онтон ыла бэйэтэ хобби курдук оҥостон хомустуур буолбут. Чаппандаҕа кэлэн олохсуйбутум 43 сыл буолла. Улаханнык үлүһүйэн хомустаабатаҕым. 1985 сыллаахха түөлбэ кэнсиэригэр хомустаабытым диэн кэпсиир. Пенсияҕа тахсыар диэри ветеринарынан үтүө суобастаахтык үлэлээн баран, билигин Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Сиэннэрин, оҕолорун көрсүһэр.
Додохова Мария Александровна
Чаппанда нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн ыллыырын сөбүлүүр. Нэһиэлиэккэ, улууска, республикаҕа ыытыллар, араас культурнай тэрээһиннэргэ куруук актыыбынайдык кыттар. Үчүгэй кылыһахтаах куоластаах тойуксут, саҥа тахсан эрэр оһуохай этээччи, хомусчут буолар.
Оскуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн баран, Дьокуускай куоракка үөрэнэ барбыт. Онно тиийэн бэйэтин талааныгар сөп түбэһэр идэҕэ, М. И. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжка, төрүт культура салаатыгар үөрэнэ киирбитэ.
Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт нэһилиэгэр, үөрэммит оскуолатыгар музыка учууталынан, детсадка музыкальнай руководителинэн үлэлиир. Кэтэхтэн Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет Хотугулуу норуоттар тылларын уонна культураларын үөрэтэр институт Культорология салаатыгар, 3 кууруска үөрэнэр.
Ити курдук айылҕаттан этитиллэн бэриллибит, кыра да буоллар , ханнык эмит талаан кимиэхэ баҕарар баар. Ол эрэн ону сөптөөх кэмҥэ, таба тайанан, салгыы сайыннарыахха наада. Өскөтүн билиҥҥи кэмҥэ курдук, саха төрүт дорҕооно өрө тутуллубута буоллун, баҕар талааннар арыллыахтара хааллаҕа.
Хомуспут тыаһа симэлийбэтин, сүтэн-оһон хаалбатын, салгыы сайда туруохтун!
Елена Тимофеева.