МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Сэтинньи ый 30 күнэ — Саха сиригэр Хомус күнэ

Хомус — өбүгэбит дьоһун бэлэҕэ.
Лынкынас куоласкынан
Ырыаларын ыллыктаар
Хоҥкунас ырыаҕынан
Хоһооннорун холлотоор
Кэҕэ чуораан тойуккунан
Кэпсээннэрин кэҕэһирдээр.

А. Е. Кулаковскай


Сахабыт сиригэр сэтинньи ый 30 күнүгэр сыллата Хомус күнэ бэлиэтэнэр. Өбүгэлэрбититтэн бэриллибит ыллыыр чыычаахтааах саха этигэн хомуһа, кини сүрэҕи сүүдүтэр дьүрүскэн тыаһа саха дьонугар эрэ кэрэхсэммэккэ, аан дойдуга тарҕанан олорор араас норуоттар түһүлгэлэригэр,өрөспүүбүлүкэ ыытар улахан тэрээһиннэригэр норуоттары ситимниир, түмэр дьылҕаламмыта хас биирдии саханы үөрдэр.
Бу туһунан биир дойдулаахпыт бөлөһүөк, философскай наука дуоктара, “Хомус” диэн аан дойдутааҕы музейын олохтоспут Ксенофонт Дмитриевич Уткин маннык суруйбуттааҕа — “Саха хомуһа ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕооннооҕунан сүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, омук дьонун умсугута угуйда”-диэн.
Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр саха хомуһун, быһаҕын оҥоһуутун өбүгэ бэлэҕин курдук ылынан, Сата тимир уустарын уһанар дьоҕурдарын, сатабылларын, кистэлэҥнэрин сөргүтэн уонна сайыннаран утумнаахтык үлэлэһэ сылдьар киһиннэн биир дойдулаахпыт, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара бэлиэлээх нэһилиэкпит киэн туттуута буолбут Афанасьев Ариан Васильевич — Уус Арыйаан буолар.


Байанай ыйыгар төрөөбүт Хаҥалас ууһа Ариан Афанасьев — Уус Арыйаан Хомус күнүгэр, сэтинньи 30 күнүгэр сиргэ кэлбит бэлиэ күнүн быйыл хаһааҥҥытааҕар да үөрэ көрсөр. Ол курдук бу аҕыйах хонуктааҕыта, СӨ Ил Дархана А. С. Николаев төрүт култуурабытын илдьэ сылдьар, тарҕатар ытык дьоммутугар судаарыстыба таһымыгар өйүүр уурааҕар олоҕуран, Сата уустарын сыдьааныгар Ариан Васильевичка ый аайы төлөнөр Ил Дархан анал стипендиятын туоһулуур сертификаты Дьокуускай куоракка, правительство дьиэтигэр туттарда.
Биир дойдулаахтарыҥ ааттарыттан бу бэлиэ күҥҥүнэн, үрдүк ситиһиигинэн, үөрэн эҕэрдэлээн туран, “Хомуһуҥ дьол туһун хоһуйдун, Айыыһыт арыаллыы сырыттын алгыс тэҥэ тиэрдэн, өбүгэлэргиттэн ылбыт талааҥҥын өссө сайыннаран салҕыы үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ утумнаахтык үлэлииргэр, айар кут, уран оҥоһук, сатабыл кэнчээри ыччакка бэриллэ турдун!”— диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Сата тимир уустарын ааттатар уус кыһатын уота инникитин да кытыаста умайарыгар баҕара хаалабыт.


М. Николаева, библиотекарь.