Мин таптыыбын поэт кыргыттары
Кэрэлэрин иһин,
Кырдьыксыттарын иһин…
Сэмэн Данилов, норуодунай поэт.
Бу күннэргэ Ньурба сирэ ускуустуба биир дьикти умсугутуулаах эйгэтинэн олордо, үөрдэ, сэргэхсийдэ, ол эбэтэр ахсынньы 14-18 күннэригэр П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыстара, Ньурба киэн туттуута буолбут — театр саҥа таас уораҕайыгар, спектакллары көрдөрөн, саха театрын сүгүрүйээччилэрэ, тапталлаах артыыстарбытын тутан олорон, сүдү талааннарын сөҕө — махтайа көрдүбүт. Ахсынньы ый аам — даам тымныыта да турдар, көрөөччү сүрэҕин сылытта.
Ахсынньы ый 16 күнүгэр Ньурба театрыгар “Үчүгэйиэн бу сиргэ” диэн саха дьахталларыттан бастакыннан поэзияҕа суолу арыйбыт Варвара Потаповаҕа анаммыт, Ньурба сирэ бэйэтин талааннаах кыыһын сырдык аатын ахтан-санаан ааһар поэзия истиҥ-иһирэх көрсүһүүтэ буолан ааста.
Поэзия түһүлгэтэ СӨ үтүөлээх, норуодунай артыыската Зоя Петровна Багынанова, СӨ үтүөлээх артыыската, ньурбалар киэн туттуубут Маргарита Борисова, СӨ үтүөлээх артыыстара Елизавета Потапова, Айаал Аммосов, Василий Борисов, Борис Борисов, Майя Слепцова, Александра Кривогорницына, элбэҕи эрэнэ кэтэһэр Ньурба Түмүк нэһилиэгиттэн төрүттээх талааннаах артыыска Лена Маркова Саха, Ньурба театрын артыыстара, Ньурба сирин айар талааннахтарын түмэр “Ньурба уоттара” түмсүү кыттыылаах истиҥ эйгэҕэ ааста. Тэрээһин биир киэргэлинэн Сунтаар көмүс күөмэйдээҕэ Людмила Пустолякова Варвара Потапова хоһоонунан икки ырыаны долгутуулаахтык толоруута этэ.
Варвара Потапова айар үлэтин суолдьут сулус оҥостон сыллата элбэх кэскиллээх үлэни ыыта сылдьар “Ньурба уоттара” түмсүү Зоя Петровнаҕа махталларын бэлиэтин анабыл хоһооннору ааҕан, хомуурунньук оҥорон бэлэх уунан үөртүлэр. Бу күн артыыстар ааҕыыларыгар Варвара поэзията тыл илбиһэ буолан, кэрэхсэбиллээх сэһэн буолан кутулунна. «Ойдом үүммүт хахыйах” бар дьонун тулатыгар муста, ”сырдык санньыара” көрөөччү дууһатын сылытта. Улахан ааттаах артыыска Зоя Багынанова Варвара Потапова айымньыларын бэрт уһуннук уратытык ааҕыытын киһи истэ олоруон курдук, араас уустук оруоллары оонньуур артыыска уус уран ааҕыыны толору баһылаабытын сөҕө да, долгуйа да истэҕин. Поэт Варя аатын тилиннэрэн, күн бүгүнүгэр дылы ааҕааччыга уонна көрөөччүгэ утары ууммут ураты талааныгар, биһиги ньурбалар муҥура суох махталлаахпыт. Тус бэйэбэр бу күн олоҕум биир сырдык күнүнэн өйдөбүл буолан хаалыа.
Быйыл 2022 сылга саха театрын далбар хотуна төрөөбүт норуотугар, Сахатын сиригэр театральнай искусство сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит Зоя Багынанова ытык сааһын – 80 сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр көрсөн, айа-тута сылдьарыттан сөҕө, чахчы да биһиги дойдубут баайа киһи, кини өрөгөй талаана, духуобунай баайа буоларыттан киэн тутта үөрэҕин.
Бу күн ньурбалар поэт кыыспыт Варвара Потапова аатын үйэтитиигэ киһи хараҕар биллэр — көстөр үтүө суолу хаалларбыт күндү ыалдьыппыт, саха норуодунай артыыската, үлэлээн ааспыт Ньурбатын театрыгар ийэлии истиҥ сыһыаннаах, Саха театрын киэн туттуута, сахатын дьонугар тыыннаах номоххо киирбит сөҕүмэр талаан Зоя Петровна Багынановалыын көрсүһүү, биир тыынынан истиҥ иһирэх эйгэҕэ ааста.
З. П. Багынанова поэт Варвара Потапова 60 сааһыгар бастакы кинигэтин «Мин сырдык санньыарым» диэн ааттаан, онтон салҕыы үлэлээн
2021 сыллаахха поэт Варвара Потапова 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар Ньурба дьоно, хоһоон куттаахтара киэн тутта ааҕар “Мин кэлэр үйэлэргэ кэриэс кэһиибин…” — диэн “Күннээх халлаан” чилиэннэрэ СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова, тыл учуонайдара Е. М. Поликарпова, В. Б. Окорокова биир дойдулаахтарбыт поэт Галина Томская-Айыына, Е. Е. Мостахова, профессор Саввинов А. С., учуутал Саввинова А. Ф. дьоһун кинигэни таһааран бэлэх оҥорбуттара.
Саха поэзиятын чаҕылхай сулуһунан ааттаммыт биир дойдулаахпыт Варвара Потапова аата, суруйан хаалларбыт айымньылара кэлэр да кэмнэргэ үгүс ааҕааччылары умсугута “үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыс” буолан аналын була туруоҕа, ону бигэргэтэллэр бүгүн поэзия түһүлгэтин көрө, кэрэхсии кэлбит ыччат дьоммут, кинилэр ытыстарын тыаһа.
Истиҥ көрсүһүүттэн ыалдьыппыт З. П. Багынанова олус долгуйа үөрбүтүн биллэрэн Ньурба дьонугар, истиҥ көрсүһүүнү тэрийбит библиотека үлэһиттэригэр махталын биллэрдэ, түмүккэ Ньурба оройуонун солбуйааччы баһылыга Петрова Наталия Семеновна “ Ньурба оройуонун култууратын бэтэрээнэ” — Анал бэлиэни, култуура департаменын салайааччыта Р. М. Тихонова, кииннэммит библиотечнай тиһик директора А. В. Багмет эҕэрдэ суруктары, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
“Үчүгэйиэн, бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!”- Варвара Потапова бу олоххо ыҥырыы кэриэтэ тыллардаах хоһоону суруйбута күн бүгүҥҥэ дылы араас көлүөнэ дьоҥҥо уостан түспэт алгыстаах этии буола сылдьар.
Кырдьыга даҕаны бу сиргэ үөрэ-көтө, үлэ-үөрэх аргыстаах олох үөһүгэр сылдьарбыт хайдахтаах курдук күндүтүн бүгүҥҥү олохпутугар буола турар уустук кэм чахчыта да чуолкайдаан көрдөрөр. Бу истиҥ тэрээһини кыайа тутан тэрийбит биир идэлээхтэрбинэн — библиотека кыргыттарынан, чуолаан Маргарита Ноеваҕа киэн тутта, барыгытыгар махталбын тиэрдэбин.
Мария Николаева, библиотекарь. Ньурба, Хаҥалас.