Ахсынньы ыйбыт түмүктэнэрэ бу кэллэ. Ханна да тиийбит иһин Саҥа дьыл тыына биллэн, оҕотуттан эмэнигэр дылы саамай кэтэһэр аптаах бырааһынньыкпыт буоллаҕа.
Үүнэр сылбыт хаһаайына илиҥҥи халандаарынан сахаларга чугас кыыл Куобах сыла үүнээри турар. Сыл хаһаайына Кролик — нарын намчы, тосту туора быһыыны, иирсээни сөбүлээбэт кыыл. Кролик хара өҥө “инь” диэн дьахтар эниэргийэтин бэлиэтэ буоларынан бу сыл дьахтар аймахха улахан суолталаах буолуоҕа. Үлэлэринэн ситиһиилэниэн баҕарар дьоҥҥо иирсээҥҥэ киирбэккэ, эйэннэн дьыаланы быһаарсарга, дипломатияны олохтуурга сүбэлииллэр. Саҥа сыл хаһаайына иллээх дьиэ кэргэн үөскүүрүн, оҕо төрөөһүнүн уруйдуу эрэ көрсүөҕэ.
Тугу таҥнабыт?
Үүнэр сыл стихията уу буоларынан кэрэ аҥардарга, Хара Куобах сылын көрсөргө өҥ-дьүһүн арааһа дэлэй эбит. Үүнэр сылга ситиһиини тардар хара уонна хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөрү, бороҥ, хартыыһа, күөх от, кыһыллыҥы өҥнөр бары барсаллар эбит. 2023 сылга күлүмүрдэс, кылабачыгас матырыйааллартан тигиллибит таҥастар хаһан даҕаны инники күөҥҥэ сылдьыахтара, арай дьиҥнээх тирии уонна түүлээх киэргэллэртэн туттунуҥ.
Дьиэни уоту киэргэтэргэ биллэн турар толору симэммит күөх харыйа оҕо аймаҕы үөрдэ туруоҕа, натуральнай айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуллубут киэргэллэри ыйыахха, остуолу хлопок, лен скатерынан сабыахха сөп.
Саҥа дьыллааҕы сандалыбыт
Саҥа дьыл — дьиэ кэргэн бырааһынньыга. Доҕотторгутун кытта эмиэ ылыаххытын сөп. Бырааһынньыктааҕы остуолга куобах, ынах этиттэн туттунан, балык куурусса астары сэргэ, оҕуруот фрукта аһын кыайа тутан баай сандалыны бэлэмнииргэ, убаҕас өттүгэр морс, хомпуот сок арааһын иһиэххэ, аһыы утахтан туттунан шампанскайынан көрсөргө астрологтар сүбэлииллэр.
Чугас дьоммутугар тугу бэлэх уунабыт? Хара Кролик, Куоска сылыгар бастыҥ бэлэҕинэн натуральнай таҥастар, дьиэҕэ туттуллар тэриллэр, ол иһигэр техника өттүгэр эмиэ чугас дьоҥҥутун үөрдүөҕэ, харчыны да бэлэх уунары утарбаттар эбит.
Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн да, сылыҥ оннук ааһыа диэн этии эмиэ баар. Онон хас биирдиибит бу уоттаах-күөстээх, чаҕылыйбыт бырааһынньыгы уратытык сэргэхтик көрсөргө кыһаллабыт, туох эрэ сырдыгы кэрэни эрэнэ күүтэбит. Ол эрэн барыбыт биир баҕа санаалаахпыт дойдубутугар буола турар уустук балаһыанньа тохтоон, уруккубут курдук эйэлээх олоххо, сырдык күннээх халлааҥҥа үөрэ-көтө туохтан да куттаммакка олоруохпутун, байыаннай дьайыыларга сылдьар ыччат дьоммут этэҥҥэ эргиллэн дойдуларыгар кэлэллэрин эрэнэ күүтэбит.
Дьиэ кэргэн чуумпу олоҕун таптыыр Куобах Сыла хас биирдии оҕо баайдаах саха ыалыгар чуумпу дьолу, күүстээх санааны, тулууру уонна дьулууру, чэгиэн туругу бэлэхтээтин!
Мария Николаева, библиотекарь.