Тыаһаан, хабыллан ааспыттара Тыһыынча сыллар билбэттэрэ, “Тигри” кыайар бухатыырдар Буоллубут Эллэй сиэннэрэ. Тигиниир этиҥ ньиргиэрдээх Тэгил сирдэри тэллибит, Тэҥнээҕи билбэт, килбиэннээх Тимир Сталинград сэриитэбит И. Эртюков
Олунньу 2 күнүгэр С. П. Алексеев-Боһуут аатынан оскуола5а, алын кылаас үөрэнээччилэригэр кылаас чаастара ыытылыннылар. 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр диэри 200 түүннээх, күн буолбут кыргыһыыга Чаппандабыт нэһилиэгиттэн 24 киһи Сталинград кыргыһыытыгар кыттыыны ылбыттара, олортон 8 буойун дойдуларыгар хомойуох иһин эргиллибэтэхтэрэ, сэрии толоонугар хаалбыттара. Бу туһунан Н. Т. Степанов аатынан түмэл салайааччыта оҕолорго сиһилии кэпсээтэ. Икки сэрии кыттыылааҕа С. Д. Скобелев туһунан билистилэр. Онтон олохтоох библиотекарь Сталинград кыргыһыытын историятын билиһиннэрдэ уонна ол түмүгүнэн биктэриинэ ыытылынна, биктэриинэ кыайыылааҕынан Сахаян Семенов уонна Сахайаана Тихонова буоллулар.
«Чтение вслух» акция чэрчитинэн А. Сурков «Он защищал Сталинград», Е. Долматовскай «Отстоим Сталинград» хоһооннору аахтылар. Бастакы миэстэни хоһоон ааҕыытыгар Арина Иннокентьева, иккис Ева Лосотова, үһүс Сааскылаан Громов буоллулар. Бары кыайыылаахтар Добун суруктарынан бэлиэтэннилэр..
Е. С. Тимофеева