МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Алгыстаах сахам тыла


Олунньу ый 13 күнэ — төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнэ. Бу кэрэ-бэлиэ түгэни үгэс быһыытынан сылын аайы бэлиэтиирбит үйэ чиэппэриттэн ордук кэм буолла. Олунньу 13 күнүгэр биһиги уһулуччулаах сырдатааччы, тыл үөрэхтээҕэ-учуонай, сахалыы суругу-бичиги тарҕаппыт, бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут Семен Андреевич Новгородов үтүө аатыгар сүгүрүйэбит. Ийэ тылбыт биһиэхэ төрүөхпүтүттэн бэриллибит туохха да тэҥнэммэт күндү баайбыт, сомоҕолуур сүдү күүспүт буолар. «Омук күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар» диэн бэргэнник этиллэринии, тылбытыгар-өспүтүгэр биһиги норуоппут дириҥ силиһэ-мутуга, омукпут чөл кута-сүрэ, өбүгэбит өркөн өйө-санаата сөҥө сылдьар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн бэйэтин төрүт эйгэтигэр иитэн, ыраастык саҥара, сөпкө суруйа улаатыннардахха, бу киһи кэнэҕэс дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр, дурда-хахха буолар кыахтааҕын мэлдьи өйдүөх тустаахпыт.
Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр бу саханы саха дэтэр сырдык куттаах күнү бэлиэтээн “Алгыстаах Сахам тыла” тэрээһин нэһилиэк олохтоохторугар, оскуола үөрэнээччилэригэр анаан, С. П. Гаврильев аатынан «Тойук» Надьиэтигэр ыытылынна.Тэрээһиҥҥэ кэлбит учуутал идэлээх В. А. Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта, оройуон Сэбиэтин депутата Зинаида Васильевна Анисимова бүгүҥҥү олохпутугар баар көстүүлэргэ тохтоон, кэлиҥҥи кэмҥэ сахалыы тыл-өс мөлтөөбүтүн, оҕолорбут детсад саастарыттан нууччалыы тылламмыттарын, саха оҕото сахалыы саҥарыахтаах, ол дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитиллэрин санатан туран, оҕону сахалыы тыыннаах ииттэххэ, сахалыы куту иҥэрдэххэ, оччоҕо кини омугун хаһан да ыһыктыа суоҕа диэн баҕа санаатын тиэртэ. Кинини сэргэ биһиги нэһилиэктэн 2022 сыл сэтинньи ыйга ыытыллыбыт саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталлларын 2-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин делегата олохтоох оскуола саха тылын учуутала Бочкарева Агафья Степановна сийиэс үлэтин хаамыытын билиһиннэрдэ.
Төрөөбүт тылбыт күнүгэр анаммыт тэрээһини уһуйаан кырачаан чабырҕахсыттара, “Алаас Хотуна” эбээлэр түмсүүлэрэ (сал. Федорова М. Г.) толорбут, саха норуодунай “Быттык-быттык Маарыйабын” ырыалара, оскуола төрдүс кылааһын үөрэнээччитэ Уйгулаан Васильев саха норуодунай поэта Бүөтүр Тобуруокап “Мин ийэни айхаллыыбын” хоһоонун иэйиилээхтик ааҕыыта, нэһилиэк эдэр ыччаттарын “Дьүрүскэн” бөлөҕө (сал. Винокурова В. Ю., Герасимова К. А.) “Алаас ырыата” чабырҕахтары толоруулара көрөөччүлэри биһирэттэ. Тэрээһин түмүгэр оскуола оҕолоро икки хамаандаҕа арахсан, «Киэн тутун саха буоларгынан» — ТОК-шоу оонньууга көхтөөхтүк кытыннылар.
Ийэ тыл күнүгэр ыытыллыбыт тэрээһини олохтоох библиотека үлэһитэ Николаева М. Н. тэрийэн, салайан ыытта.
Бу күн оскуола үөрэнээччилэрэ Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах ”Таптыыр сахам тылынан…” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттан сорудахтары толордулар.

Саха тылын учууталларын II-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэҺин делегата Бочкарева Агафья Степановна


Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үүнэ-сайда турдун уонна олунньу ый 13 күнүн хас биирдии саха үөрэ долгуйа төрөөбүт күнүн курдук чугастык ылынан көрүстүн диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.


Мария Николаева, библиотекарь.