Биһиги тапталлаах Ньурбабыт дьоҕурдаах, хорсун, дойдуларыгар бэриниилээх, бигэ туруктаах, үлэһит дьонунан чугаһынан-ырааҕынан сураҕырыан сураҕырар. Хас биирдии Ньурба киһитэ төрөөбүт дойдутун историятыгар бэйэтин суолун хаалларар.
Олунньу ый 15 күнэ, 2023 сыл. Бытархан тымныылар кэннилэриттэн халлааммыт сылыйан, күммүт уһаан киһи санаата көнньүөрэр күнэ. Ньурбалар киэн туттуубут тыйаатырбыт саҥа уораҕайыгар күнүс үс чаастан дьон-сэргэ хотоҕостуу субуруһан саҕалаата. Түөрт чаас иннинэ көрөөччү саалата ыбылы дьонунан туолла, олорор миэстэҕэ тиксибэтэхтэр эмиэ бааллар. Ньурба ытык кырдьаҕастара, улууспут салалтата, нэһилиэк баһылыктара,үлэ араас салааларыттан үлэһиттэр уонна оскуола үөрэнээччилэрэ.
Мустуубут төрүөтэ — «Ньурбаттан төрүттээх Саха автономнай республикатын, Саха республикатын наркомнара, миниистэрдэрэ» 3 томнаах кинигэ тахсыбыт үөрүүтүн бэлиэтээһин.
Дьон мустар кэмигэр Ньурба ытык кырдьаҕаһа Мартынов Николай Николаевич балтыгар сирдэтэн киирэн истэҕинэ орто уҥуохтаах, кыырымтыйбыт баттахтаах иҥиир-ситии саха киһитэ бэрт сэргэхтик ойон туран утары тиийэн «Дьууруйбун» диэтин кытта Николай Николаевич олус үөрэн кууһа түстэ. Ыгыта куустуһан долгуйа эҕэрдэлэһэр дьоннортон биирдэстэрэ кинигэлэр ааптардара Юрий Николаевич Буслаев буоларын саалга мустубут дьон тута өйдөөтүбүт. Салҕыы тыйаатарбыт сыаната аһыллан кинигэлэр сүрэхтэниилэрин кэрэ түгэнэ саҕаланна.
Бу кинигэлэр ааптардара Юрий Николаевич Буслаев Куочайтан сыдьааннаах Ньурбаҕа улааппыт, 1 нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэммит тутааччы идэлээх биир дойдулаахпыт. Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх тутааччыта Юрий Николаевич 150 үлэлээх, ол иһигэр 50 научнай үлэ уонна НИР отчуоттар, 4 патеннаах, биир айан оҥоруулаах (изобретение), 59 ыстатыыйа, 10 монографийа, 10 үөрэх, 2 үрдүк үөрэх учуобунньуктар, хас да кинигэлэр ааптардара. Кини үлэлэриттэн биһиги бибилэтиэкэбит пуондатыгар 2014 сылтан «Нюрба строительная» кинигэтэ баар.
«Ньурбаттан төрүттээх Саха автономнай республикатын, Саха республикатын наркомнара, миниистэрдэрэ» 3 томнаах кинигэтин туһунан Юрий Николаевич бэйэтин кэпсээнин мустубут дьон-сэргэ иһийэн олорон иһиттибит. Олус умсулҕаннаахтык, киһи эрэ истэ олоруон курдук кэпсиир-ипсиир ааптар буолан биэрдэ. Кинини истэ олорон, Ньурба буоларгынан, киэн туттуу санаата күүһүрэр. Кинигэтин көстүүтүн эрдэттэн презентация оҥорбута улахан экраҥҥа көстө турара кэпсээнин ситэрэн-хоторон биэрэр.
Үс кинигэ 24 саха норуотун салайсыбыт Ньурбаттан төрүттээх чулуу дьоммут айымньылаах олохторун туһунан кэпсиир.
Бастакы «Наркомы Совета народных комиссаров Якутской АССР» кинигэтигэр саҥа сэбиэскэй былаас, автономия сүһүөҕэр турарыгар олохторун анаабыт сүдү дьоммут Степан Васильевич Васильев, Семен Николаевич Донской — I, Семен Николаевич Донской — II, Михаил Васильевич Мегежекский, Георгий Митрофанович Павлов, Семен Семенович Сюльский үлэлэрэ-хамнастара, уустук дьылҕалара кэпсэнэр;
Иккис «Министры Совета министров Якутской АССР» — 1946 сылга тэриллибит министэрдэр сэбиэттэригэр үлэлээбит биир дойдулаахтарбыт тустарынан;
Үһүс «Министры Правительства Республики Саха (Якутия)» — бүгүҥҥү күҥҥэ, билиҥҥи кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин салайсан үлэлии хамныы сылдьар биир дойдулаахтарбыт.
Ньурба сирэ үлэни өрө туппут биир дойдулаахтарынан, сиринэн-дойдутунан, историятынан өрүү киэн туттар. Бу кинигэҕэ оройуоммут туһунан иһитиннэрии, социальнай инфраструктурата, оройуоммутун салайбыт, салайар баһылыктарбыт тустарынан киирбитин сэргэ Герой ийэлэрбит, үйэ аҥаара бииргэ олорбут дьиэ кэргэннэр хаартыскалара кинигэ ис хоһоонун байыталлар. Үс кинигэ инники-кэнники сирэйдэрин (форзаһын) ааттаах-суоллаах, киэн туттар дьоммут мөрсүөннэрэ киэргэтэр.
«Ньурбаттан төрүттээх Саха автономнай республикатын, Саха республикатын наркомнара, миниистэрдэрэ» 3 томнаах кинигэ 2022 сылга Дьокуускай куоракка Гагарин аатынан кинигэ кыһатыгар 300 ахсаанынан күн сирин көрбүт. Хас биирдии кинигэ 300-400 сирэйтэн турар.
Маннык дьоһун кинигэ улахан үлэттэн, элбэх сыраттан тахсарын бука бары өйдүүбүт. Соҕотох ахтыылары хомуйуу, хаартыскалары түмүү олус ыарахан үлэ. Ньурбабыт сириттэн 24 киһи араас кэмҥэ дойдубутун салайсыбыттара, арааһа, сэдэх көстүү буолуо. Атын улуустардардааҕар, сэрэйдэххэ, ити өттүгэр бастакы күөҥҥэ сылдьарбыт буолуо… Ону бигэргэтэн, Юрий Николаевич Буслаев бу үлэтэ тугунан да кэмнэммэт күндү бэлэх буолара саарбаҕа суох.
Ил Түмэн депутата Григорьева А. А., улуус салалтатыттан Петрова Н. С., куорат, нэһилиэктэр баһылыктара, дьон-сэргэ улахан суолталаах, бастыҥ дьоммут ааттарын-үлэлэрин үйэтитиигэ дьоһун кинигэ тахсыбыт үөрүүтүн долгуйа биллэрдилэр, Юрий Николаевичка махтал бастыҥын анаатылар.
Биһиги тапталлаах Ньурбабыт дьоҕурдаах, хорсун, дойдуларыгар бэриниилээх, бигэ туруктаах, үлэһит дьонунан чугаһынан-ырааҕынан сураҕырыан сураҕырар. Хас биирдии Ньурба киһитэ төрөөбүт дойдутун историятыгар бэйэтин суолун хаалларар. Дойдубут историятын, үлэһит дьонун-сэргэтин олорон-үлэлээн ааспыт суолун билиҥҥи кэм, кэлэр кэм олохтоохторо үөрэтиэх, билиэх, салҕыы илдьэ барар ытык иэспит буоларын умнуо суохтаахпыт.
Киэҥ Ньурба олохтоохторо Юрий Николаевич Буслаев сүҥкэн үлэтигэр сүгүрүйэ махтанабыт. Инникитин айымньылаах олоҕун аартыктарыгар ситиһиини баҕарабыт.
Саха АССР тэриллибитэ 100, Правительство тэриллибитэ 100 сылларыгар анаммыт «Ньурбаттан төрүттээх Саха автономнай республикатын, Саха республикатын наркомнара, миниистэрдэрэ» кинигэлэри Ньурба куорат киин бибилэтиэкэтигэр кэлэн билсиэххитин сөп.
Сонуннаата М. Ноева
(К. Д. Уткин аатынан Ньурбатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын түмэлин хаартыскалара)