МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Көрүҥ, «ҺӨҔҮҤ», билиҥ, оҕолор!


Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадатын чэрчитинэн Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ оҕолорго араас уруоктары, дьарыктары тэрийэн ыытар. Олор истэригэр «Кэскил» оҕону сайыннарар Киин бастакы уонна иккис бэлэмнэнии бөлөхтөрүн иитиллээччилэригэр анаан олунньу 16-17 күннэригэр ыытыллыбыт дьарык киирэр.
Дьарык тиэмэтэ «Саха төрүт дорҕоонноро уонна буукубалара». Манна оҕолор дьиҥ сахалыы дорҕооннору бэлиэтиир “Һ”, “ө”, “ҕ”, “ү”, ҥ” буукубалары кытары эбии билистилэр. Бэл, тутан-хабан көрдүлэр. Ол курдук, таҥастан тигиллибит сымнаҕас истээх, дьэрэкээн өҥнөөх буукубалар оҕолор болҕомтолорун олус тартылар. Тэрээһин сэргэхтик ааһарын туһугар, дорҕооннору сөпкө, чуолкайдык саҥарарга араас эрчиллиилэр оҥоһулуннулар. Экраҥҥа көстөр хамсыыр ойуулары үтүктэн “һ-лыын күллүбүт, сөтөлүннүбүт”, “ҕ-лыын күөмэйбитин сайҕанныбыт», “ү-лүүн оҕустуу мөҥүрээтибит», “ө-лүүн эһэлии бөөҕүнээтибит”. Бу курдук көрдөөхтүк-көхтөөхтүк оҕолор саҥарар үөрүйэхтэрин эрчийдилэр. Төрүт дорҕооннордоох тыллары араас ойууларынан көрөн, ааттаан, сүһүөхтэрин ахсаанын ытыспытын таһынан, атахпытынан дибдийэн аахтыбыт, биир кэмник ритм охсо оонньоотубут.


Бу кырачаан оҕолор сотору оскуолаҕа баран ааҕарга-суруйарга үөрэниэхтэрэ, билии-көрүү аартыгар үктэниэхтэрэ. Бука барыгытыгар төрөөбүт тылгытын таптыы, билэ улаатаргытыгар баҕарабыт.

Ушканова Я. В.