МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

«Саллаакка сурук» ааксыйа

1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитигэр биһиги эһэлэрбит, хос эһэлэрбит сэриигэ баран кыайан-хотон, сорохтор хомойуох иһин сэрии толоонуттан эргиллэн кэлбэтэхтэрэ,  хорсуннук сэриилэспиттэрэ, эйэлээх олоҕу аҕалсыбыттарын умнубаппыт, кинилэр дьонноруттан сурук тутан күүстэригэр күүс эбиллэрэ, дьонноро эмиэ сурук тутан үөрэллэрэ маны барытын ахтаан-санаан ааһабыт. Уонна  билигин аны Украинаҕа байыаннай операцияҕа барбыт саллааттарбытын өйөөн, дойду үрдүнэн ыытыллар «Саллаакка сурук» ааксыйаҕа  олунньу 22 күнүгэр, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө, оҕолор библиотекаҕа кэлэн кыттыыны ыллылар.

Оҕолор бары саллааттары бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн, бэйэлэрин баҕа санааларын, дойдуларыгар Кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэллэригэр баҕаран, уруһуйдаан, истиҥ тыллардаах э5эрдэ суруктарын  суруйдулар. Оҕолорго анаан «Держава армией сильна» Кинигэ выставката, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин бырааһынньыгын кэпсиир видео көрдүлэр, биктэриинэҕэ кытыннылар. Оҕолор бары көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Биир дойдулаахпыт Георгий Николаевич Егоров бүгүн айыллыбыт саҥа хоһоонун билиһиннэрэбит.

Сылдьыҥ дуу этэҥҥэ уолаттар
Хотойдуу санааҕыт кынаттаан
Бааһырыы, эчэйии ылбакка
Эргиллиҥ олоҕу тутуһа.
Сахалыы үгэһи тутуһан
Аал уоту аһатан
Алгыыбыт сэмэйдик туттуна
Айдааран аймана түспэккэ.
Алгыспыт тиийиэҕэ эһиэхэ
Былыты кытары устуһан
Тыал буолан эргийэн
Көмүскүү,харыстыы сылдьыаҕа.
Алаһа дьиэҕитин санааҥҥыт
Санаарҕыыр буолумаҥ эһиги!
Алааскыт киэркэйэн көрсүөҕэ.
Барыта үчүгэй буолуоҕа!
                       23.02.2023с.

Е. С. Тимофеева олохтоох кэрэспэндьиэн.