Быйыл 2023 сыл олунньу 23 күнүгэр — Ильмень кыргыһыыта буолан ааспыта 80 сыла. Хотугулуу — арҕааҥҥы фронт 27 Армиятын 12 Гвардейскай стрелковай корпуһун 19-с туспа хайыһар биригээдэтэ саха буойуттарыттан турара.
Бүгүн, кулун тутар 2 күнүгэр, «Кинигэ алыптаах эйгэтэ» биэриигэ «Ытык Ильмень Ньурбалар дьылҕаларыгар» диэн анабыл биэрии буолла. Саха омукка ИЛЬМЕНЬ күөлгэ буолбут түбэлтэ олус ыар. Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон аннынан Ильмень күөлгэ БИИР КҮН, 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр 597 саха киирбитэ, ол иһигэр ньурба ыччата баара. Биир күн иһигэр 378 САХА буойуна сырдык тыыннара быстар, өстөөх авиациятынан кыргыллаллар, ууга тимирэллэр. Ньурбаттан 33 киһи. Бу билиҥҥи күҥҥэ көстүбүт чахчыларынан, өссө төһөлөөх киһибит дьылҕата биллибэккэ сылдьара буолуой? Ильмень кыргыһыытын туһунан аан маҥнай биллиилээх историк Петров Дмитрий Дмитриевич 1967 сыллаахха иһитиннэрбитэ. «Якутяне в боях на озере Ильмень» кинигэтэ сахалыы, нууччалыы тылынан тарҕаммыта. Онтон үгүс сыратын Ильмень кыргыһыытын үйэтитиигэ үлэлээбит Иван Михайлович Павлов хомуйан оҥорон таһаарбыт кинигэлэрэ, кыргыһыыттан тыыннаах хаалбыт саллааттар ахтыылара, Егор Неймохов сценарийынан уһуллубут «Ильмень үрдүнэн туруйалар» киинэ, биир дойдулаахпыт Ксенофонт Васильев «Ильмень күөлгэ» кинигэтэ биһиэхэ биир дойдулаахтарбыт ааттарын тилинэрэллэр.Ньурбаҕа салайааччы быһыытынан киэҥник биллэр Изамира Федосеевна Семенова 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт эһэтин кыра быраата Семенов Игнатий Алексеевиһы өр кэмҥэ көрдөөбүтэ. Сэрии иннинэ нуучча тылын уонна литературатын учууталынан Тойбохой оскуолатыгар айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьыбыт саха чаҕылхай ыччата Игнатий Алексеевич былырыын баччаҕа диэри көмүс уҥуоҕа ханна хараллыбыта биллибэт, сураҕа суох сүппүттэр ахсааннарыгар сылдьара. Сүппүтэ 80 сыл буолан баран аймаҕын эриирдээх суола Ильмень күөлгэ түмүктэммитин булбут Изамира Федосеевна сэриигэ сураҕа сүппүт таайын көрдөөһүнүн туһунан уйадытыыллаахтык кэпсээбитин эһиги болҕомоҕутугар таһаарабыт. Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, харах уутун кыа хаанынан үрүйэлии сүүрүгүрдүбүт алдьархайдаах сэрии кими да тумнубатаҕа. Аҕа дойду уоттаах сэриитэ бүтүн дойдуну, норуоту, хас биирдии ыалы, киһини аймаабыта. Ааспыт үйэ саамай уодаһыннаах сэриитин дуораанын кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр ситим хаһан да быстыбатын, ким да умнуллубат, туох да умнуллубат диэн этиинэн «Ытык Ильмень Ньурбалар дьылҕаларыгар» биэриибитин түмүктүүбүт.