Бу күн саха дьахталларыгар суол тэлбит бастакы поэтесса оҕо, эдэр сааһа ааспыт ытык сиригэр, Ыраах Убайааҥҥа турар түмэл дьиэтигэр, саха норуотун икки чаҕыл поэттара Варвара Потапова уонна Василий Саввин дьылҕаларын, олохторун, айымньыларын, тапталларын сырдык санньыарыгар анаммыт Ааппыт бииргэ ааттаныа: В. Потапова уонна В. Саввин тэрээһиҥҥэ 50 тахса киһи муһунна.
Варвара Потапованы таарыйдахха, биһиги литературабытыгар өссө биир улахан дьылҕа алтыһар, өссө биир оспот баас хаҕыланар. Кини аата — Баһылай Саабын. Биһиэхэ сирдээҕи дьоҥҥо дьиҥнээх доҕордоһуу, таптыыр киһи туһугар бэйэ олоҕун, дьылҕатын, аатын-суолун толук ууруу холобурун көрдөрбүт киһи. Кинилэри, биир айылгылаах дьону алтыһыннарбыт тыйыс дьылҕалара иккиэннэрин күөх чэлгийэр кэрэ кэмигэр, ыам ыйын үгэнигэр В. Саввины 12-кэ, Потапованы 13-кэ Орто дойдуга түһэртээбит. Билигин, тыыннаахтара буоллар Баһылай үбүлүөйдээх 85, Варвара 77 саастарын бэлиэтиир күннэрэ буолуо этэ. Кинилэр тус олохторугар алаһа дьиэ туттан, оҕо-уруу төрөтөн хаалларбатахтарын да иһин поэзия дьиэтин ырыатынан-хоһоонунан эркиннээн, түннүктээн-үөлэстээн айан туттаран хаалларбыттар, төрөөбүт түөлбэҕэ таптал, олох сөҕүрүйбэт уотун умаппыттар.
Саха поэзиятыгар сирдээҕи олох үөрүүтүн, хомолтотун, мунчаарыытын уонна киһи үрдүк аналын, олох кэрэтин анааран хоһоонноругар хоһуйан кэлэр кэмнэргэ кэриэс гынан ууммуттар. Олох кырдьыгын, умсулҕанын, төрөөбүт дойду күндүтүн уонна таптал сырдык сыдьаайын иэйэн-куойан туойбуттара үйэлэри уҥуордаан биһиги сүрэхпитин долгутар, санаабытын күүрдэр дьикти күүстээхтэр, муударай дириҥ ис хоһоонноохтор.
ПОЭЗИЯ диэн үөһэттэн айыллан түспүт олус сүрдээх уустук дьылҕа. Дууһаларын албыннаммат, иэйиилэрин атыылаабат поэттар дьылҕаларын туһунан Маргарита Романовна Ноева бар дьоҥҥо кэпсээнин култуура департаменын салайааччытын солбуйааччы, СӨ үтүөлээх артыыһа Николаев Илья Николаевич Василий Саввин, театрбыт артыыска, СӨ култууратын туйгуна Лазарева Вера Семеновна Варвара Потапова хоһооннорун толорууларынан ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Үгэскэ кубулуйбут, Варя Потапова төрөөбүт күнүгэр ыытыллар тэрээһин кэлбит дьон инникитин икки тэҥ баайыылаах поэттар Баһылай уонна Балбаара айымньыларыгар билиилэригэр билии эптэҕэ, икки уустук дьылҕаҕа интириэһи өссө сахтаҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
Эмиэ үгэскэ кубулуйбут Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ, «Ньурба уоттара», Ньурба хаһыат эрэдээксийэтэ биллэрбит «Саха дэтэр сайдам саҥам-сарсыҥҥыта саргыланнын» төрөөбүт тылынан хоһоон суруйуутугар уус -уран күрэҕин бу күн түмүгэ таҕыста.
14тэн-18-р диэри саастаахтарга Өҥөлдьө орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Кириллина Ньургуйаана Григорьевна үөрэтэр 8 кылааһын кыргыттара Попова Розанна (1 үрдэли), Филиппова Олеся (2 үрдэли), Семенова Марина (3 үрдэли) ыланнар киин бибилэтиэкэ туруорбут бириистэрин туттулар. 18-тан 35-р диэри саастаахтарга Булуҥтан Тобонова Сандаара Игоревна, Үөдэйтэн Федорова Марфа Самуиловна биһирэнэн Ньурба хаһыат эрэдээксийэ туруорбут бирииһинэн наҕараадаланнылар.
Apaaha, Василий Саввин бэйэтин уонна Варвара Потапова туһунан этэн кэбиспит: «Киһи aahap хомолото, Киһи бүппэт ырыа». Уустук киһи, талааннаах поэт кыыс кини дьылҕатыгар «ааһар хомолто» буолан көстө түһэн, поэзия хонуутугар дьырылата тайаарыах поэт кынатын бэйэтэ былдьаммыт уотунан хаарыйан бардаҕа…
Оттон биһиги санаабытыгар, кинилэр иккиэн «бүппэт ырыа» буолан, аны да иэйэ-куойа, дьон-сэргэ дууһатын араастык ыллата, долгута туруохтара.
Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир саалата