Ыам ыйын 18 күнэ — Саха сиригэр Ньургуһун сибэкки күнэ. Киин бибилэтиэкэ бу күҥҥэ бэлэмнээн «Сүрэҕи дьолунан толорор Ньургуһун сибэкки» кинигэни бэчээккэ таһаарда. Ньурбаттан, Антоновкаттан, Маалыкайтан, Чаппандаттан айар-суруйар дьоҕурдаах 27 ааптар 38 хоһоонноро, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан, Горнайтан 18 оҕо НЬУРГУҺУН туһунан айбыт остуоруйалара киирдэ. Кинигэҕэ куар кодунан киирэн «Ньургуһун уонна мин» ньургуһуну хаартысканан дьүһүйүүнү көрүөххэ сөп.
СҮРЭҔИ ДЬОЛУНАН ТОЛОРОР НЬУРГУҺУН СИБЭККИУһун кыһын кэнниттэн саас кэлиитэ хас биирдии киһи сүрэҕэр үөрүү кыымын саҕар дьикти түгэн. Тымныыны тулуйар дьоҕурдаах, бар дьону үөрдээри муус килээн анныттан быгар нарын-намчы ньургуһун сибэкки үйэлэргэ кэрэҕэ-дьиктигэ, сырдыкка-сылааска барыбытын угуйа турбута, турар, туруоҕа даҕаны…