Ньурба биллэр краеведа, Чаппандатааҕы Н. Т. Степанов аатынан фольклор-литература түмэлин салайааччыта Т. Д. Сидорова Оҕо сааспытын сэрии былдьаабыта диэн хомуйан оҥорбут кинигэтин библиотека фондатыгар бэлэх уунна. Бу кини 24 кинигэтэ буолар.
Кинигэ аҕа көлүөнэбит тыылга Ийэ дойдубут көмүскэлигэр, онтон уоттаах сэрии сылларыгар улаханнык айгыраабыт норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбит хоһуун-хоодуот дьоммут хаһан да сүппэт, умнуллубат олохторун туһунан ахтыыларга, кэпсээннэргэ олоҕуран түмүллэн, наарданан сурулунна. Барыта 73 киһи ахтыыта ааҕааччы киэн араҥатыгар ананар.
Кинигэни тахсыытын өйөөн, үбүлээһинигэр көмөлөспүт улууспут баһылыгар А. М. Иннокентьевка, кииннэммит библиотека ситимин дириэктэригэр А. В. Багметка Татьяна Дмитриевна истиҥник махтанар.
Биһиги библиотекабыт улахан доҕоругар, күүстээх краеведпытыгар Татьяна Дмитриевнабытыгар сыралаах үлэтигэр өссө ситиһиилэри, махталлаах ааҕааччылары баҕарабыт!