Сахабыт Сиригэр өрүү үлэ үрдүкү тутуллар. Ол туоһута — 2023 сыл “Үлэ” сылынан биллэриллибитэ. Биһиги тыйыс айылҕабытыгар саха киһитэ да, Саха Сиригэр олохсуйбут киһи да үлэни өрө туттаҕына эрэ тыыннаах буолар дьылҕалаах. Үлэни өрө тутар норуот — сарсыҥҥыта кэскиллээх, сүппэт, өлбөт дьылҕалаах!
Киин бибилэтиэкэҕэ кэлэн «Үлэнэн симэммит олох» быыстапканы кэлэн сэргииргитигэр, тупсаҕай анабыл муннуктарга хаартыскаҕа түһэн бэйэҕитигэр өйдөбүллэ оҥостуҥ диэн ыҥырабыт.
Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.