Ньурба оройуонун «Үлэ, эйэ, түмсүү» ыһыаҕар Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин уонна Убайаан модельнай бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ «Умнуллубат кэм, умнуллубат аат» диэн 15-тэн 35-гэр диэри саастаах
эдэр ыччаттарга квест-оонньуу ыыттылар. Квест сыала-соруга: дойдубут туһугар үгүс кылааты киллэрбит биллиилээх биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэтитии, эдэр ыччакка төрөөбүт дойдуга ытыктабылы, тапталы иҥэрии. Хамаандалар маннык тохтобулларынан сылдьан күөн көрүстүлэр:
1 тохтобул — “Ньурба былыр-бүгүн”.
2 тохтобул — «Ытык сирдэри төһө билэҕин?”
3 тохтобул — “Спорт — чөл олох кэрэһитэ”.
4 тохтобул — “Айар талаан абылаҥа”.
5 тохтобул — “Киэн тутта ааттыыбыт”. Уопсайа үстүү киһилээх биэс хамаанда кыттыыны ылла. Тохтобуллар аайы өйдөрүн түмэн, билиилэрин көрдөрөн, сатабылларын туһанан, араас сорудахтары толордулар. Уопсай баалынан маннык түмүк таҕыста: 1 үрдэл — Антоновка сэлиэнньэтин «Куочай ыччата» хамаанда (5000 солк.сэртипикээт), 2 үрдэл — Ньурбаттан «Күн оҕолоро» (4000 солк.сэртипикээт), 3 үрдэл — Ньурбаттан «Солнышко» хамаанда (3000 солк.сэртипикээт). Биһирэбил суруктарынан бэлиэтэннилэр Ньурбаттан «
Ньурба сибэккилэрэ», Дьаархантан «Дьулус» хамаандалар (2000 солк.сэртипикээттэр). Бу курдук олус көхтөөх, көрдөөх ыччаттардаахпытыттан киэн туттуох тустаахпыт. Бары кыттааччыларга олоххутугар өссө да үгүс кыайыыны-хотууну, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!
Ушканова Я. В.