Омугуттан тутулуга суох норуот олорон кэлбит остуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын, материальнай уонна духовнай култууратын дириҥник үөрэтэр бу наука – Этнография кэнники сылларга ордук үөрэтиллэр уонна кэрэхсэнэр буолла.
Быйыл саха омук төрдүн-ууһун чинчийбит биллиилээх учуонай, этнограф Гаврил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сыла. Юрист идэлээх, саха норуотун интеллигенциятын бастакы көлүөнэтигэр киирсэр улахан учуонай, этнограф, фольклорист Гаврил Васильевич Ксенофонтов 1888 с. тохсунньу ый 16 күнүгэр Хаҥалас улууһун 3-с Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Гаврил Ксенофонтов Дьокуускай куоракка реальнай училищены, Томскайдааҕы университет юридическай факультетын үөрэнэн бүтэрэн, адвокатынан үлэлээбитэ. Ол эрэн дьоҕурдаах юрист 30 сааһыгар олоҕун тосту уларытан, науканы талбыта уонна онно туох баар күүһүн, олоҕун барытын анаабыта.1920 сылтан Г.В. Ксенофонтов научнай үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар сыаллаах, дойду бөдөҥ учуонайдара үлэлиир Иркутскай университетыгар үлэҕэ киирбитэ. Манна үс сыл үлэлээн баран, фольклорнай уонна этнографическай матырыйааллары хомуйар сыаллаах экспедицияларга сылдьыбыта. Биир сылы быһа Булуҥ уокуругар уонна Өлөөн өрүс тардыытыгар сылдьан, хотугу сахалар олохторун-дьаһахтарын, фольклордарын, итэҕэллэрин дьаныһан туран үөрэппитэ.
1925-26 сс. Г. В. Ксенофонтов улахан айаҥҥа туруммута. Кини 1921-1926 сс. Дьокуускайынан, Арҕаа Хаҥалаһынан, Бүлүү уокуругунан, Аллараа Тунгусканан, Красноярскай кыраайынан, Арҕаа Бүрээтийэнэн уһун унньуктаах айаҥҥа сылдьан хомуйбут баай матырыйаала «Эллэйада» диэн сүдү айымньы буолбута. Биллиилээх академик, археолог, этнограф А.П.Окладников «Эллэйаданы» киэҥ кээмэйдээх уонна дэҥҥэ көстөр сэдэх үлэ диэн үрдүктүк сыаналаабыта. Кэскиллээх үлэни ыыта сылдьар учуонай Гаврил Ксенофонтов айанын хайысхатынан саха норуотун төрүттэрин-уустарын туһунан номохтору, сэһэннэри, кэпсээннэри хомуйбут матырыйаалларын «Урааҥхай сахалар» диэн икки чаастаах үлэтигэр эмиэ туттубута. Бу саха омук хайдах уонна хаһан үөскээбитин ырыҥалыыр үлэтигэр суруйарынан, араас кэмҥэ таба, сүөһү дьарыктаах урааҥхайдар, сахалар үс долгунунан бу дойдуну булбуттар, олор булкуһан биир саха омугун үөскэппиттэр. Онон, Г.В. Ксенофонтов этэринэн киин, Бүлүү, хоту сахалара тус-туһунан төрдүлээх-уустаах буолаллар.
Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэ тоҕо Эчик Хаҥалаһа диэн ааттаммытын туһунан кэпсээн уһулуччулаах учуонай Г.В.Ксенофонтов «Эллэйада» кинигэтигэр эмиэ киирэ сылдьар. Бу туһунан оччотооҕу «Коммунизм суола» хаһыакка биир дойдулаахпыт ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Афанасий Иванов 1981 сыл алтынньы 31 күнүгэр тахсыбыт ыстатыйатыгар сиһилии суруйбут уонна Г. В. Ксенофонтов «Эллэйадатыгар» бэчээттэммит үһүйээннэргэ, кэпсээннэргэ олоҕуран ким хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин ааҕан-аттаран таһаарыахха сөп эбит диэн түмүктээбит.
Г. В. Ксенофонтов 20-с сыллар бүтүүлэригэр бэчээттэппит 4 үлэтин холбоон 1942 с. «Шаманизм. Избранные труды» диэн кинигэтэ бэчээттэммитэ. Бу кинигэҕэ биһиги Хаҥаласпытыгар олорон ааспыт ойууннар тустарынан сэһэннэр киирбиттэр. Оччотооҕу биһиги нэһилиэкпит бас-көс дьонун 66 саастаах Михаил Борисовы уонна Василий Борисовы көрсөн кэпсэппит. Г. В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахалар» үлэтигэр сурулларынан кини Хаҥалас нэһилиэгэр 1925 сыллаахха кулун тутар 7 күнүгэр сылдьан, сааскылыы сымнаан сытар хаарга атаҕын тилэҕин үктээн хаалларбыта, олохтоохтору көрсөн кэпсэтэн барбыта нэһилиэк олорон кэлбит остуоруйатын баай ис хоһооннуур, онон киэн тутта саныыгын.
Гаврил Васильевич 1937 с. Москва уобалаһын Дмитров куоратыгар олорон «Урааҥхай сахалар» 2-с томун суруйбута. Ол эрэн оччотооҕу кэм тыйыс сокуона, репрессия ыар тыына тумнубакка, Гаврил Ксенофонтов 1938 сыллаахха муус устар ыйга «Сахалар дьыалалара» диэҥҥэ буруйданан П. А. Ойуунускайдыын бииргэ тутуллубута, уонна атырдьах ыйыгар ытыллыбыта.
1957 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр ССРС Үрдүкү Суутун Байыаннай коллегиятын быһаарыытынан улахан учуонай үтүө аата тилиннэриллибитэ. Гавриил Ксенофонтов аата Хаҥалас улууһун кыраайы үөрэтэр түмэлигэр, төрөөбүт нэһилиэгэр – Тиит Арыы орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
Саха омук төрдүн-ууһун, фольклорун чинчийбит, сурукка киллэрбит – баай нэһилиэстибэни хаалларбыт саха бөдөҥ учуонайа, историга, этнограба Гаврил Васильевич Ксенофонтов аата төрөөбүт норуотугар сырдыгынан ахтылла туруоҕа, кини соҕотох айанын суолугар көрсүбүт эрэйин, кыһалҕатын чинчийэр историктар, научнай үлэтин салҕыыр, үөрэтэр дьон баар буола турдуннар.
Мария Николаева, Ньурба, Хаҥалас, библиотекарь.